Чурапчы улууһун Төлөй-Дириҥ нэһилиэгэр мини-паарка тиэргэнин тупсарыы үлэтэ ыытыллар

Чурапчы улууһун Төлөй-Дириҥ нэһилиэгэр мини-паарка тиэргэнин тупсарыы үлэтэ ыытыллар

Ааптар:
16.07.2024, 20:00
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун Төлөй-Дириҥ нэһилиэгэр «Уһук илин тиэргэннэри тупсарыы» бырагыраама чэрчитинэн 24 кыбартыыралаах дьиэ уонна мини-паарка тиэргэнин тупсарыы үлэтэ ыытыллар.

Эбийиэк олорор дьиэ, орто оскуола уонна футбол былаһакаатын кытта кэккэлэһэ турар. Дизайн-бырайыагын «БАЗА 14» архитектурнай бюрота бэлэмнээбит. «Дьон-сэргэ билигин үлэҕэ уонна олорор дьиэҕэ эрэ буолбакка, тулалыыр эйгэ тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар эмиэ наадыйар. Бу улахан куораттарга эрэ буолбакка, бөһүөлэктэргэ уонна сэлиэнньэлэргэ сыһыаннаах. Муниципалитеттар баһылыктара бу хайысхаҕа үлэлииргэ кыһаналлар уонна үлэлииллэрэ олус үчүгэй», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эппитэ.

Саҥа территорияҕа дьон-сэргэ сынньанар уонна бодоруһар сирдэринэн буолуоҕа, ону таһынан араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Онуоха паарка араас саастаах дьоҥҥо араас тэрээһиннэри ыытарга универсальнай былаһаакканан буолуоҕа. Бырайыак сүрүн күүтүүлээх түмүгүнэн олохтоох дьону успуордунан эрэ буолбакка, ыаллыы сытар нэһилиэктэртэн спортсменнары ыҥыран аныгы элбэх араас спортивнай тэрээһиннэри ыытыы буолар. Итиэннэ, биллэн турар, бырайыагы олоххо киллэрии дьиэ кэргэн уонна уопсастыбаннай территориялар тас көстүүтүн тупсарарга көмөлөһүөҕэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторугар аныгы тупсаҕай эйгэтин тэрийиигэ кылааты киллэриэҕэ. Бырайыгынан мини- пааркаҕа бэлисипиэт суоллара, воркаут былаһаакката, уулусса тренажердара, оҕо оонньуур былаһааккалара, уруһуйдуур зона, о.д.а. баар буолуохтара. Ону сэргэ  120 миэстэлээх трибунаны, уулусса сырдатыытын оҥороллоро былааннанар.

Чурапчы оройуонун Төлөй нэһилиэгин баһылыга Игорь Николаев этэринэн, быйыл үлэ барыта түмүктэниэҕэ. Сиһилии манна аах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: