Салгыы
Ньурба улууһугар өрүскэ икки оҕо тимирбит

Ньурба улууһугар өрүскэ икки оҕо тимирбит

Ааптар:
18.07.2024, 09:45
Хаартыкса: Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспата
Бөлөххө киир:

От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Ньурба улууһугар икки уол оҕо сүппүттэр. Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспата уолаттар ууга тимирбиттэрин туһунан биллэрдэ.

Быһылаан Маалыкай нэһилиэгин таһыгар таҕыста. Ол күн оҕолор үс уонна түөрт чаас икки ардыгар Марха эбэҕэ сөтүөлүү барбыттар. Киэһэ дьиэлэригэр төннүбэтэхтэригэр төрөппүттэр уолаттары көрдүү тахсыбыттар уонна таҥастарын өрүс кытылыгар  булбуттар. Бу кэнниттэн салгыы көрдөөһүн үлэтин эбэҕэ ыыппыттар. Олохтоохтор көрдөһүҥҥэ үс оҥочонон өрүскэ тахсыбыттар.

Эмиэ бу күн быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр Ньурбатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин үс быыһааччыта айаннаабыт. Ол гынан баран, кинилэр тиийиэхтэригэр диэри оҕолор өлүктэрин булбуттарын туһунан биллэрбиттэр. Уолаттар өлүктэрин муҥха көмөтүнэн үс миэтэрэ дириҥнээх өрүс анныттан таһаарбыттар.

От ыйын саҕаланыаҕыттан оҕолор ууга түһэллэрин бастакы түгэнэ буолбатах. Дьокуускайга 203 түөлбэҕэ пляжка кыыс оҕо тимирбитэ. Быыһааччылар төрөппүттэр оҕолору көрүүтэ- истиитэ суох хаалларбаттарыгар,  куттал суох буолуутун быраабылаларын санаталларыгар ыҥыраллар. Көҥүлэ суох сирдэргэ сөтүөлээһин бобуулаах.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: