Ааспыт сууккаҕа 52 ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Ааспыт сууккаҕа  Саха сиригэр 223 тыһыынчаттан тахса гектар сиргэ 52 ойуур баһаара умуруорулунна.

Бу туһунан СР Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Евгений Перфильев от ыйын 20 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Миниистир Алдан улууһугар 24 ойуур баһаара, Нерюнгри – 12 ойуур баһаара, Өлүөхүмэ оройуонугар – 6 ойуур баһаара, ону тэҥэ Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Сунтаар, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар ойуур баһаара умуруоруллубутун иһитиннэрдэ.

«Бу кэмҥэ уопсайа Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Уус Маайа улуустарыгар 16 ойуур баһаара тохтотулунна»,-диэн Евгений Перфилььев иһитиннэрдэ.

От ыйын 20 күнүнээҕи туругунан рСаха сиригэр 86 ойуур баһаара турбута биллэр. Баһаарынайдар Саха сирин 19 улуустарынан үлэлииллэр. Баһаары бохсууга 1 644 киһи уонна 134 тиэхиньикэ кытынна. Ааспыт сууккаҕа авиациянан уонна космостан кэтээн көрүүнэн 90 гектар иэннээх сиргэ 6 ойуур баһаара булулунна.

СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан бэс ыйын 26 күнүттэн Саха сиригэр ураты баһаарынай эрэсиим олохтоммута.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атырдьах ыйыгар күһүн билгэтэ

От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит.  Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү тимир уустара бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ кыайдылар

От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин күрэсчиттэрэ дрон күрэҕэр Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээтилэр

Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ 17 саастаах оҕо массыынаны күрэтиигэ сыһыаннааҕын быһаардылар

Суһал иһитиннэриинэн  ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Күн Эко» — экологтары иитэн таһаарар!

Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…

9 часов ago