Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата 15 мэтээли ылла

Share

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Чувашияҕа чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтин 15 мэтээллээх түмүктээтэ.

Бу туһунан Эрэгийиэннээҕи сүүмэрдэммит хамаандаларын успуорка бэлэмниир Киинигэр иһитиннэрдилэр. Василий Оленов уонна Петр Давыдов салайааччылаах Саха сирин хамаандата күрэхтэһиигэ сэттэ спортсмены кытыннарда уонна икки төгүл элбэх наҕарааданы ылары ситистэ.

Дойду чөмпүйэнээтигэр күүстээх киирсии буолбутун туһунан Арассыыйа үтүөлээх тириэньэрэ Петр Давыдов эттэ. Күрэхтэһии түмүгүнэн Паралимпийскай оонньууларга кыттар Арассыыйа  сүүмэрдэммит хамаандатын састааба талыллыаҕа.  Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата үрдүк көрдөрүүлэри ситистэ.

Айтал Сивцев уонна Василина Иванова диискэни, ядрону уонна үҥүүнү быраҕыыга кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар. Саргылаан Семенов  сүүрүүгэ иккитэ чөмпүйүөн аатын сүктэ (200 уонна 400 миэтэрэҕэ). Виктория Петрова кыһыл уонна икки үрүҥ көмүс мэтээллэри ылла. Ону сэргэ Виталина Бурцева уонна Виктор Евсеев иккис миэстэҕэ тигистилэр. Роман Ибрагимов уонна Яков Максимов боруонса призердарынан буоллулар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

7 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

8 часов ago