«Свинобоев Иннокентий Саввич-Тыыннаахап» кинигэ сүрэхтэннэ

Share

Бүгүн, от ыйын 20 күнүгэр, күнүс 11 чаастан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саалатыгар «Уруйданнын, Күн Дьөһөгөй оҕото!» тэрээһин уонна «Свинобоев Иннокентий Саввич-Тыыннаахап» кинигэтин сүрэхтэниитэ элбэх киһини түмтэ.

Киирииттэн айыы далаһата салама туппут оҕолор тоһуйан уонна сүрэхтэниигэ аналлаах баннер кэлбит ыалдьыты эҕэрдэлии көрсөрө истиҥ сыһыаны үөскэтэ тоһуйар.  Тыыннаахап кыыһа Татьяна Иннокентьевна сылгы кылыттан оңорбут композицияларын быыстапката дьон болҕомтотун тардыан тарта.

Сахаларга ат сүүрдүүтүн көрүҥүн саҥа тыыннаан киллэрбит Тыыннаахап-Сибэтиэй Элэгэнтэй туһунан кинигэ матырыйаалын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, успуорт бэтэрээнэ, Томпо улууһун уонна Байаҕантай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Василий Васильевич Габышев уонна 2013 сылтан 2018 сылга диэри Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Ат успуордун уонна сүүрдүүтүн Бэдэрээссийэтин толорооччу дириэктэринэн үлэлээбит, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, «Мэҥэ Хаҥалас оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлээх, «Эркээйи» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ Иннокентий Григорьевич Аммосов  хомуйан, бэчээккэ бэлэмнээн таһааттардылар.

Кинигэ 300 ахсаанынан «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар СӨ үтүөлээх суруналыыһа, суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи Борис Иванович Павлов-Кэм  салайыытынан бэчээттэнэн таҕыста. Сүрэхтэнии Дьөһөгөй оҕотугар алгыһынан аһылынна. Алгыс түспүт, үтүө санаа иҥмит алаадьылаах саламаатынан, быырпаҕынан Тыыннаахап-Сибэтиэй Элэгэнтэй кэскиллээх кынаттара ыалдьыттары күндүлээтилэр.

Үллэр үйэ тухары сылгыны туоратымаҥ,
Сылгы сүүрбэт буоллаҕына,
Ырыа ылламмат, хоһоон хоһуйуллубат, тойук туойуллубат,
Айылҕам Дьөһөгөй оҕотун
Доҕор-атас оҥостон сүүрдэҥҥит
Аар-саарга аатырдыҥ!
Тыыннаахап-Сибэтиэй Элэгэнтэй «Үрүң көмүс күнүм көрдө» тойугуттан

Бу кинигэбит Дьоруойа Иннокентий Саввич-Тыыннаахап Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланарыгар 14 саастаах уол, оччотооҕу олох сиэринэн кыһыннары-сайыннары, күһүнүн-сааһын эргиччи атынан туруу дьон үлэтин барытын тэңңэ үлэлээбит, эбиитин Айылҥа бэлэхтээбит айылгытынан Дьөһөгөй айыыттан ананан кэлбит буолан, аан бастакынан Саха АССР Ат успуордун үтүөлээх тириэньэрэ буолбута. Кини кэнниттэн 4 сылынан ити ааты Николай Терентьевич Ситников ылбыта.

Аны саха бастакы рекордсмен сылгытын Эндээйкэни баайбыт эмиэ Тыыннаахап. Боруода сүүрүк сылгылары саха боруодатын кытта бууһатар үлэтин, сахаттан бастакынан, Кириэс Халдьаайыга кини саҕалаабыта. Хаандыга, Бумеранг, Алдаанка, Намсыырка диэн сылгылар ааттара, оҕонньор боруодалара дэтэн, манна кэлэн, аар-саарга аатырбыттара. Кинилэр сыдьааннара өрөспүүбүлүкэбит иһигэр тарҕанан, элбэх боруода үөскээн, үчүгэй сүүрүүлэр буолбуттара, сүүрүк аттар ааттара сүппэттии ааттаммыттара.

Аны анал сүүрдэр уолаттары соҕуруу ыытан үөрэттэрэн, уолаттар ыраас хааннаах сылгылары иитэн сүүрдэ сылдьаллар. Бу кинигэҕэ Тыыннаахап көлүөнэтэ 1947 сылтан 1978 сылга диэри, алта олугунан киирдэ. Ат баайааччы эрдэҕинэ «Тыыннаахап дуо?» дэтэн былдьаһыкка сылдьыбыт, кэнники аны эсэһит, тайахсыт, түүлээхчит, тыыннаҕар номох буолбут бары ытыктыыр, сүгүрүйэр 97 саастаах, кэргэнин Вера Константиновнаны кытта 75 сыл бииргэ олорор дьол биһиктээх ытык-мааны Иннокентий Саввич-Тыыннаахап-Сибэтиэй Элэгэнтэй интервьютуттан киэҥ экраңңа көрдүбүт.

Кинигэҕэ суруналыыс Прокопий Хабаров 9 видео устуута куйаар куодунан киирбитэ хайҕаллаах.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Томпоттон, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, куораттан кэлбит ыалдьыттар, ат сүүрдүүтүн, сылгы иитиитин кэрэхсээччилэр, сэҥээрээччилэр кинигэ тахсыбытынан үөрүүлэрин үллэһиннилэр, махтал тылын эттилэр, эҕэрдэ суруктары туттардылар.

Түмүк тылы Тыыннаахап уола Свинобоев Иннокентий Иннокентьевич (Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Томпо оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо) эппитин кэнниттэн, бу сыл тохсунньу 27 күнүгэр ытык кырдьаҕаспыт Тыыннаахап-Сибэтиэй Элэгэнтэй «Үрүҥ көмүс күнүм көрдө» диэн үс күннээх тойугуттан алгыс тылларын ыытааччы ааҕан иһитиннэрдэ,

Дьөһөгөй оҕотугар аныыр тылларбытын бары күргүөмүнэн этэн сүгүрүйүүбүт туомугар кытынныбыт.
Дьөһөгөйтөн айдарыылаах, Айылҕаттан аналлаах, этитэр түүллээх, ыралыыр ырыалаах, тойуктаах, Улуу ат баайааччы, Дьөһөгөй куттаах ытык киһи, үөһэттэн ыйаахтаах, Байанайтан баартаах, Улуу булчут, саха саарына, тыыннааҕар номох буолбут Иннокентий Саввич Свинобоев-Тыыннаахап-Сибэтиэй Элэгэнтэй туһунан кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ылбыт дьоммутугар махтанабыт, ситиһии сиэттистин.

Кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьоҥҥо махталларын биллэрэн, Тыыннаахап дьиэ кэргэнин уонна аймахтарын аатыттан бэлэх кинигэни Тыыннаахап сиэнэ, эһэтин үйэтитэр, туйаҕын хатарар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ат успуордун Бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнэ Александр Иннокентьевич Свинобоев туттарда.

Ытык кырдьаҕастарбытыгар Вера Константиновнаҕа уонна Тыыннаахапка этэҥҥэ уонна бүгүҥҥү Тыыннаахап бирииһигэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ үрдүк таһымҥа ааһарыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Ирина Харайданова, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

5 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

5 часов ago