Хаартыска: СИА
От ыйыгар 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа хирург быраастарын мобильнай биригээдэтэ Алдан улууһун олохтоохторугар 50-тан тахса эпэрээссийэни ыытта.
«Быраастар суһал эмтэниигэ ыытарга 150-тан тахса ыарыһаҕы көрдүлэр, онтон 50-тан тахса олохтоохтор араас патологиялаах хирургическай көмөнү ылар кыахтаннылар», — диэн бэлиэтээтэ Мобильнай хирургия Киинин салайааччыта Зораб Саакян. Эпэрээссийэлэр этэҥҥэ аастылар, сорох ыарыһахтар балыыһаттан таҕыстылар. Ону сэргэ миэдиктэр биир идэлээхтэригэр аныгыс технологияларынан эпэрэссийэлэргэ маастар-кылаастары ыыттылар. Ол курдук, Алдан киин балыыһатын хирургтара иҥиир пластикатыгар эпэрээссийэ хайдах оҥоһулларын көрдөрдүлэр. От ыйын 19 күнүттэн Мобильнай хирургия Киинэ Намнааҕы киин балыыһаҕа үлэтин саҕалаата.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Дьокуускайга 1 №-дээх полиция отделыгар икки киһи бэлисипиэттэрин уордарбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…
Саха сирин социальнай көмүскэлин эдэр исписэлиистэрин кытта үөрэх сүлүөтүн иитинэн, бу салаа фундаментальнай сыаннастарын дьүүллэстилэр.…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу, арҕаа улуустарыгар быстах ардахтаах, сорох сиринэн этиҥнээх.…
Бүгүн Өймөкөөн улууһугар өрүстэр уонна үрэхтэр хааларыттан тахсан, оройуоҥҥа үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибитэ. Күнүс…
Саха сиригэр дроннар -- пилота суох көтөр аппарааттар таһаҕаһы тиэрдэн саҕалаатылар диэн Ил Дархан Айсен…