Салгыы
Өлүөхүмэҕэ култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин туругун көрдүлэр

Өлүөхүмэҕэ култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин туругун көрдүлэр

Ааптар:
15.08.2024, 16:45
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ оройуонун култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин ахсаанынан Дьокуускай уонна Хаҥалас кэннилэриттэн Саха сиригэр үһүс миэстэни ылар.

Манна барыта 158 эбийиэк баар, мантан 28-һа  — федеральнай суолталаах пааматынньыктар. Бу күннэргэ Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа управлениета эбийиэктэр туруктарын кэтээн көрүүнү ыытта. Исписэлиистэр бастакы уочарат Өлүөхүмэ, Чаара уонна Токко өрүстэр үрдүлэригэр турар неолит кэминээҕи суолталаах археологическай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин  — «Кураанах Таас», «Кыра Күскэ», «Улахан Күскэ», «Бэс Күөл» уонна «Суруктаах Хайа» былыргы суруктарын чинчийдилэр.

Былыргы суруктар туруктарын чинчийии очуостар айылҕа, килиимэт, антропогеннай дьайыылартан алдьаналларыттан тахсара быһаарылынна. Үгүс уруһуйдар таас хайа баран, сороҕо төрүкү алдьанан көстүбэт буолбуттар. Оттон стоянкалар туруктара үчүгэйинэн сыаналанна.

Ону сэргэ управление үлэһиттэрэ аан бастакытын Чаара нэһилиэгэр Кузьма Семенов уҥуоҕун туругун көрдүлэр. Маны таһынан Иоанно-Предтеченскай церковь туруга үөрэтилиннэ. Эбийиэк 1889 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһугар I Нөөрүктээйи  сэлиэнньэтигэр тутуллубута. Билигин церковь дьиэтэ саахалланар турукка турар. Өлүөхүмэҕэ Спасскай уулуссаҕа олорор дьиэ уонна уһаайба, ону тэҥэ Спасскай собор хапытаалынай өрөмүөнүн ыытыы хаамыыта көрүлүннэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: