Курскай уобалас олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар
Дьокуускайга Курскай уобалас олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар.
«Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартчйа эрэгийиэннээҕи исполкомугар номнуо биир туоннаттан тахса көмөнү хомуйбуттара. Волонтердар эмсэҕэлээбиттэргэ ким баҕалаах көмөнү оҥорорго ыҥыраллар.
Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэрэ көхтөөх кыттыыны ылаллар, ол иһигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтэ. “Миэдиктэр түмсүүлэрэ Курскай уобаласка буола турар быһыыны-майгыны долгуйан олорон кэтиир. Гуманитарнай көмөнү хомуйуохха диэн ыҥырыыга өрөспүүбүлүкэ бары мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ сөбүлэспиттэрэ. Бэрт түргэнник дьоҥҥо бастаан утаа наада буолар мал-сал хомулла охсубута”, – диир Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин.
Гуманитарнай көмөнү хомуйар пуун сарсыарда 8.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри Дьокуускай куорат, Курашов аатынан уулусса, 24 дь, 405 кэб. аадырыһынан үлэ күннэригэр үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: