«Ыччат десана» Өлүөхүмэ уонна Чурапчы улуустарынан айанныаҕа
Дойду субъектарынан «Ыччат эрэгийиэнэ» ыччат бэлиитикэтин кэлимник сайыннарыы «Үөрэх» национальнай бырайыагынан от ыйыттан Саха сиригэр «Ыччат десана» бырайыак үлэлиир.
Бырайыак нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөргө туһуланар, ол иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр.
«От ыйыгар «Ыччат десана» икки оройуонунан үлэлээбитэ. От ыйын 14-16 күннэригэр Амма улууһугар сырыттыбыт. Манна «ZEMА» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин 50-тан тахса көхтөөх ыччата сырытта. Икки күн иһигэр 15 ыалга көмө оҥоһулунна: байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна биэнсийэлээхтэргэ.
От ыйын 29 күнүттэн атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри 54 волонтер Таатта оройуонугар тахсан 20 ыалга көмө оҥордо. Хаһаайыстыбаларыгар көмөлөстүлэр: мас хайыттылар, олбуор бөҕөргөттүлэр, тиэргэн иһин хомуйдулар», — диэн Саха сирин улуустарынан «Zема» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин холбоһугун бэрэссэдээтэлэ Алгыстаан Софронов кэпсээтэ. Ону таһынан эдэр дьон нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга көмөлөстүлэр: эбийиэктэри кырааскалаатылар, эргэ хотоннору көтүрдүлэр. Тыа сирин олохтоохторо махталларын биллэрдилэр.
Алгыстаан Софронов сотору кэминэн ыччат десана улуустарынан айанныырын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, атырдьах ыйын 18-21 күннэригэр Өлүөхүмэ оройуонугар, атырдьах ыйын 18-20 күннэригэр Чурапчы улууһугар айанныыр былааннаахтар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: