Салгыы
Горнайга сундук муҥунан моонньоҕон хомуйдулар

Горнайга сундук муҥунан моонньоҕон хомуйдулар

Ааптар:
20.08.2024, 11:00
Хаартыска: Нина Сутакова
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйа — отон, тэллэй  уонна оҕуруот аһын хомуйуу үгэннээн турар кэмэ. Горнай улууһун Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ сыл ахсын Бэс Күөлгэ тахсаллар.  Бу сылга кинилэр моонньоҕону бүтүн сундук муҥунан хомуйдулар.

Бу туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин олохтооҕо Нина Сутакова СИА-ҕа кэпсээтэ.

«Сайын аайы биһиги кыракый төрөөбүт дойдубутугар Бэс Күөл дэриэбинэҕэ тахсабыт. Онно биһиги үлэбититтэн сынньанабыт, айылҕалыын алтыһабыт, чугас дьоммутун кытта иллэҥ кэммитин туһалаахтык атаарабыт. Быйыл доҕотторбутун уонна аймахтарбытын кытта моонньоҕон хомуйа тахсыбыппыт. Баһаар кэнниттэн моонньоҕон үүнэр сирэ олус сымнаҕас буолан, икки аҥаар күн устата хас биирдиибит икки-үс биэдэрэ отон хомуйдубут», — диэн Нина Сутакова санаатын үллэһиннэ.

«Моонньоҕону ыраах айаҥҥа таһарга биһиги дьиэ кэргэҥҥэ эбэбит Варвара Федороваттан тиксибит мас сундугу туһанабыт. Бу сундук 100-тэн тахса сыллаах уонна бэс мастан оҥоһуллубут. Бу сундукка моонньоҕоммут Бэрдьигэстээххэ диэри ньыһыллыбакка тиийэр», — диэн бэлиэтээтэ Нина Сутакова. Кини этэринэн, сундук кээмэйинэн 50 киилэ киирэр. «Моонньоҕонунан толоруллубут сундук — бу икки киһи үлэтин түмүгэ, сорох отоммутун Бэрдьигэстээххэ хортуон холбукаларга кутан аҕаллыбыт», — диэн эбэн эттэ Нина Сутакова.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: