Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан оскуола тутуута сыл бүтүүтэ түмүктэниэ
Киин куорат ДСК түөлбэтин 153-с кыбартаалыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай улахан оскуола тутуллар уонна сыл бүтүөр диэри үлэтэ түмүктэниэхтээх.
Маннык соругу тутааччыларга Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, атырдьах ыйын 19 күнүгэр, туруорда. Оскуола тутуута кыраапыгынан баран иһэр. Бетону кутуу үлэтэ түмүктэнэн, истиэнэни, дьиэ үрдүн кырааскалыыллар, ааннары туруораллар уонна уот ситимин тардаллар. Эбийиэккэ 191 киһи үлэлиир.
«Бэдэрээтчит Саха сиригэр биир саамай уопуттааҕынан биллэр. Олус үчүгэйдик кыһаллан үлэлиирин көрөбүт. Дьиэ тутуута 70%-тан тахса бэлэм. Бу Дьокуускай соҕуруу өттүгэр олус наадалаах эбийиэк быйыл сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэхтээх. Сотору кэминэн бу территорияҕа «Прометей» комплексын уонна «Звезднай» түөлбэтин кытта үс оскуолалаах бөдөҥ агломерация баар буолуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Саҥа оскуола 990 үөрэнээччигэ суоттаммыт, 33 кылаастаах, кылаас ахсын 30 оҕо үөрэниэн сөп. Тутуу иэнэ — 17 тыһ. кв. миэтэрэттэн тахса. Оскуола үс куорпуска араарыллар: бастакы куорпус начаалынай кылаастар, бибилэтиэкэ уонна үлэһиттэр хосторуттан турар. Иккис куорпуска 5-11- с кылаас оҕолоро үөрэниэхтэрэ, ол иһигэр үлэ уруога ыытар хостордоох. Үһүс куорпуска кэбиниэттэри таһынан 500 миэстэлээх остолобуой, мэдииссинэ блога, актовай уонна успуорт саалалара, хореография уонна куруһуоктар устуудьуйалара тэриллиэҕэ.
Саха сирэ кэнники 6 сыл иһигэр аныгы үөрэх эйгэтин тэрийиигэ уонна оҕолорго оскуола билиитин биэриигэ бары усулуобуйаны тэрийиигэ дьоһун хардыыны оҥордо. «Үөрэх» национальнай бырайыак чэрчитинэн 51 оскуола үлэҕэ киирдэ, быйыл өссө 18 эбийиэк тутуута түмүктэнэрэ күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: