Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссакка Арассыыйа былааҕын күнүн бэлиэтээтилэр

Share

Дьокуускайга Арассыыйа былааҕын күнүгэр анаммыт «Держава былааҕа — албан аат бэлиэтэ» үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Бэлиэ күн Орджоникидзе болуоссакка тэрээһин кыттыылаахтара Арассыыйа былааҕын тэниттилэр, сыанаҕа «Боотур» этэрээт былааҕын өрө таһаардылар, ону тэҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэттэн уордьаннары туттардылар.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

«Арассыыйа былааҕа бэлиэ эбийиэктэринэн, судаарыстыбаннай тэрилтэлэринэн туруорабыт,  киэҥ туттабыт, туойабыт уонна сүрүнэ – сүрэхпитигэр тутабыт. Билигин биһиги дойдубут территориятыгар өстөөх кимэн киирбитинэн Кыайыыны чугаһатар туһугар түмсүөх тустаахпыт. Биһиги дойдубут интэриэһин көмүскүүр, инники күөҥҥэ сылдьар бары ыччаттарбыт туһугар үҥэбит. Биһиги оҕолорбут Арассыыйа былааҕын тутан атаакаҕа баралларын чуолкай билэбит. Кыайыыны ситиһиэхпит, биһиги көмүскээччилэрбит тыыннаах уонна доруобай эргиллиэхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэн бэлиэтээтэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов.

ЛНӨ баһылыга Леонид Пасечник Ыйааҕынан  территорияны босхолооһуҥҥа уонна нэһилиэнньэни көмүскээһиҥҥэ, ураты хорсун быһыыларын иһин «Боотур» этэрээт «За воинскую доблесть» II  истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаланна.

Маны сэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар, спортивнай куонкурустар призердара, үөрэҕирии туйгуннара, оҕо хамсааһынын көхтөөх чиллиэттэрэ, үс уол уонна икки кыыс,  Российскай Федерация гражданнарын пааспарын ыллылар. Ону таһынан Арассыыйа былааҕын күнүгэр киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар бырааһынньыктааҕы кэнсиэр, маскировочнай сиэткэлэри оҥоруу аахсыйа, доруобуйа дьаарбаҥката, маастар-кылаастар тэрилиннилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago