Волонтердар Арассыыйа былааҕын күнүгэр көхтөөхтүк кытыннылар
Бүтүн Арассыыйатааҕы #МЫВМЕСТЕ аахсыйа, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ эйигин кытта!» уонна Кыайыы волонтердара бүгүн Арассыыйа былааҕын күнүгэр анаммыт бары патриотическай аахсыйаларга көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы #МЫВМЕСТЕ аахсыйа Саха сиринээҕи ыстаабын салайааччыта Айаал Винокуров иһитиннэрдэ.
«Саха сирин волонтердара Арассыыйа былаахтаах тыһыынчанан лиэнтэни түҥэттилэр, судаарыстыбаннай бырааһынньык устуоруйатын уонна биһиги судаарыстыбабыт былааҕын суолтатын туһунан кэпсээтилэр», — диэн волонтердар лидердэрэ бэлиэтээтэ.
«Бүгүн Дьокуускайга «Курск, биһиги эһигини кытта» аахсыйа чэрчитинэн волонтердар хас биирдии киһиттэн, тэрилтэлэртэн Курскай уобалас эмсэҕэлээбиттэригэр анаан гуманитарнай көмөнү хомуйдулар», – диэн ыстааб салайааччыта эбэн кэпсээтэ.
Айаал Винокуров «Курск, МЫ с тобой!» Бүтүн Арассыыйатааҕы ыстаабын Саха сиринээҕи волонтердара өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарынан байыаннай дьайыы кыттааччылар дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах уонна атын көмөнү оҥороллорун санатта. Сайаапкалары 112 «Итии лииньийэ» нөҥүө ылыллар.
Гуманитарнай көмө пууна Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай аатынан уулусса, 5 дьиэтэ (ДОСААФ дьиэтэ) аадырыһынан үлэлиир. Пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 10.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: