Волонтердар Арассыыйа былааҕын күнүгэр көхтөөхтүк кытыннылар

Share

Бүтүн Арассыыйатааҕы #МЫВМЕСТЕ аахсыйа, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ эйигин кытта!» уонна Кыайыы волонтердара бүгүн Арассыыйа былааҕын күнүгэр анаммыт бары патриотическай аахсыйаларга көхтөөхтүк кытыннылар.

Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы #МЫВМЕСТЕ  аахсыйа Саха сиринээҕи  ыстаабын салайааччыта Айаал Винокуров иһитиннэрдэ.

«Саха сирин волонтердара Арассыыйа былаахтаах тыһыынчанан лиэнтэни түҥэттилэр, судаарыстыбаннай бырааһынньык устуоруйатын уонна биһиги судаарыстыбабыт былааҕын суолтатын туһунан кэпсээтилэр», — диэн волонтердар лидердэрэ бэлиэтээтэ.

«Бүгүн Дьокуускайга «Курск, биһиги эһигини кытта» аахсыйа чэрчитинэн волонтердар хас биирдии киһиттэн, тэрилтэлэртэн Курскай уобалас эмсэҕэлээбиттэригэр анаан гуманитарнай көмөнү хомуйдулар», – диэн ыстааб салайааччыта эбэн кэпсээтэ.

Айаал Винокуров «Курск, МЫ с тобой!» Бүтүн Арассыыйатааҕы  ыстаабын Саха сиринээҕи волонтердара өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарынан байыаннай дьайыы кыттааччылар дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах уонна атын көмөнү оҥороллорун санатта. Сайаапкалары 112 «Итии лииньийэ» нөҥүө ылыллар.

Гуманитарнай көмө пууна Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай аатынан уулусса, 5  дьиэтэ (ДОСААФ дьиэтэ) аадырыһынан үлэлиир. Пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 10.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

56 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар сойуустара 90 сааһын бэлиэтээтэ

Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньах буолла. Наталья…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин охчуттара «Надежды Якутии» күрэхтэһиигэ кыайдылар

Сэтинньи 21-26 күннэригэр Великие Луки куоракка "Надежды России" диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии ыытылынна. Манна Саха…

2 часа ago
  • Сонуннар

Айсен Николаев энергоэффективноһы үрдэтиигэ саҥа өйөбүл миэрэлэрин киллэрэргэ этии киллэрдэ

Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт стратегическэй сиэссийэтигэр энергоэффективноһы үрдэтии өйөбүлүн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Атласов: «Бу сокуон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар дьоҥҥо олус улахан туһалаах буолуо»

Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕын бастакы күнүн түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан норуот дьокутаата Александр…

2 часа ago