15 ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 15 ойуур баһаара умуруорулунна.

Бу туһунан брифиҥҥэ кылаабынай лесничэй Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Ойуур баһаардара Абый, Эдьигээн, Мииринэй, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус Маайа, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустарыгар умуруорулуннулар. Алта баһаар бохсулунна. Бу Бүлүү, Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ улуустарыгар«, — диир Андрей Коноплев.

От ыйын 23 күнүгэр сарсыарда, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 67 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, ону тэҥэ биир ураты харыстанар сиргэ. Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн ойуур баһаардарын умуруорууга 1589 киһи үлэлиир, 121 тиэхиньикэни туһаныллар.

«Бэҕэһээ киэһээ суһал ыстаап быһаарыытынан, 19  киһилээх бөлөх Абый улууһугар Белай Гора уонна Киэҥ Күөл нэһилиэнньэлээх пууннарын таһыгар ойуур уотун умуруорууга ыытыллыбыта», — диэн иһитиннэрэр.

Ааспыт сууккаҕа салгын аалынан уонна космическай кэтээн көрүүнэн уон ойуур баһаара булуллубут.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ салҕаналлар. Маны сэргэ, муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕаналлар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атырдьах ыйыгар күһүн билгэтэ

От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит.  Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү тимир уустара бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ кыайдылар

От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин күрэсчиттэрэ дрон күрэҕэр Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээтилэр

Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ 17 саастаах оҕо массыынаны күрэтиигэ сыһыаннааҕын быһаардылар

Суһал иһитиннэриинэн  ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Күн Эко» — экологтары иитэн таһаарар!

Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…

9 часов ago