«Арассыыйа — мин историям» историческай паарка «Живая память благодарных поколений» норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйаҕа кытынна.
Аахсыйа сүрүн соруга — Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыылаахтарга анаан билиҥҥи көлүөнэ сүгүрүйэн Сэбиэскэй кэминээҕи тимир харчыны хомуйан саҥа пааматынньыгы оҥорууга сытар.
«Маннык бытархай тимир харчы хас биирдии киһиэхэ көстүөхтэрэ, кинилэр аахсыйаҕа кыттан, уопсай өйү-санааны тутуһууга сүдү кылааты киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит. Бу бырайыак биһиги эйэлээх халлааммытын, сарсыҥҥы күммүт эрэлин бэлэхтээбит дьоҥҥо махталбытын, ытыктабылбытын көрдөрөр бэлиэтэ буолар. Биһиги бары биир сомоҕо түмсэн, дойдубут улуу историятыгар кылааты киллэрэргэ ыҥырабыт», — диэтэ историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Соловьев. Кини этэринэн, бүгүн аахсыйа Арассыыйа 52 эрэгийиэнин хабар. Билиҥҥитэ сэбиэскэй чеканкалаах 258 тыһыынчаттан тахса бытархай харчы хомуллубут. Маны барытын 2025 сыллаахха Москва пааркатыгар Кыайыы 80 сылын көрсө Аҕа дойду Улуу сэриитигэр анаммыт пааматынньык матырыйаала буолуохтара. Пааматынньык эскииһэ куонкурус кыайыылааҕа Беларусь норуодунай худуоһунньуга, скульптор Владимир Слободчиков бырайыагынан оҥоһуллубут.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…