Орто Эбэ оскуолатын спортивнай саалата өрөмүөннэннэ

Share

Уус Алдан улууһугар «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак иитинэн  ыытыллыбыт Орто Эбэ  оскуолатын успуорт саалатын өрөмүөнэ түмүктэнэн, саҥа үөрэх дьылын көрсө аһылынна диэн улуус дьаһалтата телеграм ханаалыгар иһитиннэрдэ.

— Уус Алдан улууһугар уопсайа 23 оскуолатыгар успуорт саалата  үлэлиир. 2015 сылтан саҕаламмыт «Үөрэхтээһин» национальнай  бырайыак «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ»  бырагырааматын  нөҥүө биһиги улууспут куонкурска кыттан сыллата өрөмүөн үлэтин ыытар. Ол курдук, бу сайын устата Орто Эбэ сүрүн оскуолатын успуорт саалатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, иһэ-таһа, муостата, уота-күөһэ олоччу саҥардылынна. Өрөмүөн үлэтин бэдэрээтчит Савва Петрович Алексеев биригээдэтэ үлэлээн  болдьоммут бириэмэтигэр туттарда, — диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.

Хаартыска: Уус Алдан улууһун телеграм ханаалыттан
Хаартыска: Уус Алдан улууһун телеграм ханаалыттан
Хаартыска: Уус Алдан улууһун телеграм ханаалыттан
Хаартыска: Уус Алдан улууһун телеграм ханаалыттан
Хаартыска: Уус Алдан улууһун телеграм ханаалыттан

Эбэн этэр  буоллахха,  туһааннаах бырагырааманан успуорт тэрилинэн эмиэ хааччыллан, быйыл сайын Өнөр орто оскуолата ылбыт. Национальнай  бырайыагынан  улууска уопсайа 9 успуорт саалата өрөмүөннэммит,  анал инвентарынан 11 оскуола хааччыллыбыт уонна 7 оскуолаҕа таһырдьа дьарыктанар успуорт  былаһаакката тутуллубут.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

12 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

13 часов ago