Дьокуускайга Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Милитаристскай Японияны Кыайыы уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн Дьокуускайга «Туймаада саллаата» мемориальнай комплекска сибэкки дьөрбөтүн уурдулар уонна өлбүт саллааттар өйдөбүнньүктэрин чиэстээтилэр.
Бу туһунан уокурук дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «1945 с. арҕаа фронарга кыргыһыы түмүктэммитин кэнниттэн биһиги аармыйабыт 24 күнүнэн улахан Японияны урусхаллаабыта. Бу биһиги улуу дойдубут модун күүһүн уонна кыаҕын көрдөрөр. Сүрүнэ диэн үүнэр көлүөнэ иккис аан дойду сэриитин историятын өйдүү-саныы сылдьар тустаах, билигин, хомойуох иһин, бу историяны уларыта туталлар», — диэн Дьокуускай баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Георгий Гаврильев бэлиэтээтэ. Отставкаҕа милиция полковнига, сэрии Сэбилэниилээх күүстэрин уонна Ис Дьыала уорганнарын бэтэрээнэ Эдуард Федоров бэлиэтээбитинэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан өйдөбүл хатанан хаалыахтаах уонна хас биирдии киһиттэн тутулуга суох.
«Биһиги Арассыыйа аармыйатын уонна байыаннай-муора флотун уруйдуох тустаахпыт, сэрии бэтэрээннэрин уонна үлэ фронун үлэһиттэрин умнуо суохтаахпыт», — диэтэ отставкаҕа милиция полковнига, сэрии бэтэрээнэ Эдуард Федоров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: