Дьокуускайга Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Милитаристскай Японияны Кыайыы  уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн Дьокуускайга «Туймаада саллаата» мемориальнай комплекска сибэкки дьөрбөтүн уурдулар уонна өлбүт саллааттар өйдөбүнньүктэрин чиэстээтилэр.

Бу туһунан уокурук дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «1945 с. арҕаа фронарга кыргыһыы түмүктэммитин кэнниттэн биһиги аармыйабыт 24 күнүнэн улахан Японияны урусхаллаабыта. Бу биһиги улуу дойдубут модун күүһүн уонна кыаҕын көрдөрөр. Сүрүнэ диэн үүнэр көлүөнэ иккис аан дойду сэриитин историятын өйдүү-саныы сылдьар тустаах, билигин, хомойуох иһин, бу историяны уларыта туталлар», — диэн Дьокуускай баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Георгий Гаврильев бэлиэтээтэ.  Отставкаҕа милиция полковнига, сэрии Сэбилэниилээх күүстэрин уонна Ис Дьыала уорганнарын  бэтэрээнэ Эдуард Федоров бэлиэтээбитинэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан өйдөбүл хатанан хаалыахтаах уонна хас биирдии киһиттэн тутулуга суох.

«Биһиги Арассыыйа аармыйатын уонна байыаннай-муора флотун уруйдуох тустаахпыт, сэрии бэтэрээннэрин уонна үлэ фронун үлэһиттэрин умнуо суохтаахпыт», — диэтэ отставкаҕа милиция полковнига, сэрии бэтэрээнэ Эдуард Федоров.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

36 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago