Мэҥэ Хаҥаласка Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Сүрэхтэн сүрэххэ” диэн бырайыак саҕаланна
Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Сүрэхтэн сүрэххэ” диэн бырайыак саҕаланна. Бу күн Төҥүлүгэ сэттэ нэһилиэктэн сэрии сылларын оҕолоро, үлэ бэтэрээннэрэ, аҕам саастаахтар муһуннулар диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Сүрэхтэн сүрэххэ” бырайыак Хотун Төҥүлү сиригэр-уотугар бастакы хардыыта оҥоһуллубута бэйэтэ туспа суолталаах. Аҕа дойду сэриитигэр Аляска-Сибирь салгын трассата Сэгэлэй күөлгэ саппаас аэродром буолан, төҥүлүлэр манна үлэлээн-хамсаан Кыайыыны уһансыбыттара.
Бырайыак сүрүн сыалынан Аҕа дойду сэриитигэр дойду көмүскэлигэр турбут, тыылга Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбыт, сэрии сылларын оҕолорун ааттарын үйэтитии буолар.
Бырайыак чэрчитинэн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр, Төҥүлү, Баатара, Бүтэйдээх, 2-с Наахара нэһилиэктэригэр, Майа сэлиэнньэтигэр балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга тэрийэр хамыыһыйа десана үлэлиэҕэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, Төҥүлү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Степан Заровняев, улуустааҕы Ытык сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьев, улуус бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова, социальнай бэлиитикэ салалтатын салайааччыта Октябрина Кулешова тэрээһин кыттыылаахтарыгар эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Зиновий Игнатьев салайааччылаах автодесант хоту эҥэр нэһилиэктэринэн тыыл бэтэрээннэригэр улуус баһылыга Дмитрий Тихонов махтал суруктарын кытары оҕуруот аһыттан күһүҥҥү бэлэҕи туттардылар.
«Манчаары ыччаттара» этэрээт уонна Төҥүлүтээҕи техникум устудьуоннара Октябрина Кулешова салайыытынан тыыл бэтэрээннэригэр көмө оҥордулар,» — диэн улуус дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: