СӨ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүллэри оҥоруута салҕанар.
Бу туһунан үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова иһитиннэрдэ.
Кини муниципальнай уһуйааҥҥа сылдьар 1874 оҕо төрөппүтэ (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) төлөбүртэн босхоломмутун этэр.
123 ыал олорор сирдэриттэн чугас уһуйааҥҥа оҕолорун көһөрбүттэр.
21 дьиэ кэргэн оҕото суукканы эргиччи үлэлиир уһуйааҥҥа сылдьар.
Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар 5-11 кылааска үөрэнэр оҕолоро — 2181 үөрэнээччи оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыллыбыт.
62 ыал дьиэлэриттэн чугас оскуолаларга оҕолорун көһөрбүттэр.
95 дьиэ кэргэн оҕолорун оскуолаҕа эбии үөрэтии (продленнай) бөлөҕөр бастакы уочаратынан киллэрбиттэр.
Маны таһынан, 1029 оҕо олорор сирдэринэн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр куруһуоктарга уонна сиэксийэлэргэ босхо сылдьаллар.
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр СӨ Ил Дарханын 2023 с. алтынньы 23 к. 80 №-дээх Ыйаахха олоҕуран көрүллүбүтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…