Салгыы
Мииринэйтэн айанньыт Валерий Стемпень соҕотоҕун эспэдииссийэ тэрийбит

Мииринэйтэн айанньыт Валерий Стемпень соҕотоҕун эспэдииссийэ тэрийбит

Ааптар:
01.10.2024, 11:30
Хаартыска: Валерий Стемпень
Бөлөххө киир:

Мииринэйтэн 51 саастаах айанньыт Валерий Стемпень Саха сирин өрүстэринэн соҕотоҕун эспэдииссийэни тэрийэн ыыппыт.

Эр киһи эрэллээх доҕоро Лана диэн ааттаах ытын кытта барыта 5053 км усталаах сири айаннаабыт. Айанньыт кэпсииринэн, кинилэр айаннарын кэмигэр хас да төгүл тыатааҕыны уонна үрүҥ эһэни көрсүбүттэр.

Эспэдииссийэ Саха сирин соҕуруу өттүттэн бу сыл ыам ыйын 7 күнүттэн саҕаланан балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Валерий Стемпель Нуучча географическай уопсастыбатын Мииринэйдээҕи салаатын чилиэнэ. Эспэдииссийэ кэмигэр айанньыт 19 үрэҕи туораабыт. Күн ахсын 34 тыһ. тахса хардыыны оҥорбут уонна 4,5 кэриҥэ ый устата айылҕаҕа сылдьыбыт.

«Мин 25 сыл уу туризмынан дьарыктанабын. Онон эспэдииссийэҕэ аныгы оҥоһуулаах оҥочону ылбытым. Айаҥҥа барыта 800-кэ лиитэрэ курдук уматык туһаныллыбыта. Айаҥҥа олус үчүгэй, амарах саналаах дьону-сэргэни көрсүбүтүм. Кинилэр миэхэ бэнсиин кытта биэрэн көмөлөспүттэрэ. Айаҥҥа соҕотох сылдьар олус уустук буолара. Биир ый кэриҥэ кими да көрбөтөх түгэннэр кытары бааллара. Улаханнык сылайарым — уйулҕа уонна эт-хаан өттүнэн олус уустук буолара. Булчуттар өтөхтөрүгэр тохтоон сынньанарым, балааккаҕа хонон-өрөөн сылдьыбытым. Биир түгэҥҥэ икки түүнү Өлүөхүмэ салгын суудунатыгар хоммутум», — диэн Валерий Стемпень кэпсиир.

Эспэдииссийэ сыала-соруга — саҥа туристическай маршруттары ырытан оҥоруу, информацияны уонна хаартыскалары хомуйуу буолар. Кини эспэдииссийэ түмүгүнэн кылгас киинэ оҥорору былаанныыр. Эрэллээх доҕоро эппиэттээх соругу бэркэ толорбут. Лана ыт адьырҕа кыыллары чугаһаппатах уонна мэлдьи хаһаайыгар бэриниилээх доҕор буолан арыаллаабыт.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: