Бу нэдиэлэ устата былыттаах, инчэҕэй хаар түһэрэ сылыктанар

Бу нэдиэлэ устата былыттаах, инчэҕэй хаар түһэрэ сылыктанар

Ааптар:
01.10.2024, 19:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр хойуу хаар түстэ. Бу нэдиэлэ устата былыттаах күннэр туралларынан, инчэҕэй хаар түһэрэ сылыктанар. Алтынньы ый саҥатыгар күн-дьыл хайдах буолуоҕай?

Бу туһунан Саха сиринээҕи гидрометкиин сулууспатын салайааччытын солбуйааччы Татьяна Маршалик кэпсээтэ.

«Саха сирин үрдүнэн бу нэдиэлэ бүтүөр диэри инчэҕэй хаардаах былыттаах халлаан туруоҕа. Хоту хаар түһүө. Салгын температурата нуормаҕа чугас буолара күүтүллэр. Киин оройуоннарынан күнүс салгын температурата +2… +7С, түүн 0…-1 кыраадыс буолуоҕа. Билигин циклон кэлэрэ күүтүллэр. Инчэҕэй хаар түһэр кэмигэр түүҥҥү салгын температурата нуорматтан 0… -2 С кыраадыс үрдүк буолуо, күнүс +2…+4 С кыраадыс буолара сабаҕаланар», — диэн бэлиэтээн эттэ Татьяна Маршалик.

Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ Саха сирин арҕаа, соҕуруу, киин оройуоннарынан инчэҕэй хаардаах ардах түһэрэ күүтүллэр. Күнүс соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа +6… +11 кыраадыска диэри сылыйыа, хоту 0… -5С кыраадыска диэри тиийиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
2
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: