Айсен Николаев ахсынньыга Горнай улууһугар Атамайдааҕы култуурунай киин тутуутун түмүктүүргэ сорудахтаата

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Горнай улууһугар Элбэх функциялаах сынньалаҥ киин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ уонна сыл бүтүөр диэри үлэни түмүктүүргэ модьуйда. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Хаартыска: СИА

2022 сылга саҕаламмыт саҥа киин тутуута Владимир Путин сорудаҕынан биир кэлим Уһук Илиҥҥи субсидияттан үбүлэнэр. Таһынааҕы үлэлэр бары кэриэтэ түмүктэннилэр.

2000 кв.м. иэннээх саҥа киин иһинэн успуорт саалата, тренажернай уонна хореографическай саалалар, сыана, бибилэтиэкэ, быыстапкаларга уонна сиэр-туом ыытарга аналлаах хостор, ону тэҥэ уопсастыбанньыктар уоннаурбаанньытар хосторо тэриллиэхтэрэ. Ону сэргэ фотоустуудьуйа баар буоларын туһунан санаттылар.

Тутуу 2021 сылга ойуур баһаарын кэнниттэн Атамай нэһилиэгин чөлүгэр түһэрии үлэлэр чэрчитинэн ыытыллар. Владимир Путин сүбэ мунньахха эппит Айсен Николаев сорудаҕынан тыа сиригэр саҥа оскуола эмиэ тутулунна.
What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago