Салгыы
«Эйгэ-2024» бириэмийэ сүрүн өҥүнэн быйыл Future Dusk ааттанна

«Эйгэ-2024» бириэмийэ сүрүн өҥүнэн быйыл Future Dusk ааттанна

Ааптар:
09.10.2024, 20:40
Хаартыска: Денис Попов, СИА
Бөлөххө киир:

«Эйгэ-2024» бириэмийэ сүрүн өҥүнэн быйыл Future Dusk ааттанна. Бу туһунан алтынньы 9 күнүгэр пресс- кэмпириэнсийэ кэмигэр куорат эйгэтин сайыннарыыга эспиэр, «Эйгэ коллектив» ааҕыныстыба салайааччыта Ирина Алексеева кэпсээтэ.

«2022 сыллаахха бириэмийэ  сүрүн өҥүнэн сырдык Viva Magenta этэ, оттон быйылгы тэрээһин сиэригэр-туомугар креативнай хамаанда Future Dusk өҥү талла. Бу өҥү талыы «Эйгэ» бириэмийэ тыына уһугуннарыытын, инновациялары, сайдыыны уонна хорсун идиэйэлэргэ дьулууру ойуулуур. Бүгүн бириэмийэ Саха сиригэр тутуу бастыҥ ситиһиилэрин көрдөрөр. Биһиги федеральнай эспиэрдэри уонна аан дойдутааҕы биир идэлээхтэрбитин умсугутабыт. Архитектурнай  эбийиэктэри дьүүллэстэхпитинэ, биһиги, бастатан туран, кэлэктиип үлэтигэр болҕомтобутун уурабыт. Архитектор идиэйэтэ уонна талаана элбэх дьон ахсаанын күүһүнэн эрэ олоххо киирэр», — диэтэ Ирина Алексеева.

Кини бириэмийэ миссиятынан инникини түстээһин уонна көҕүлээһин буоларын эттэ. Саха сирин кылаабынай архитектора Любовь Папок «Эйгэ-2024» архитектура уонна дизайн эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ иккис бириэмийэтин эспиэрдиир сэбиэтэ 10 номинациянан бириэмийэни олохтообутун санатта.

«Куонкуруска барыта 271 сайаапка киирдэ. Саамай элбэх сайаапка «Бастыҥ тэлгэһэлэр» уонна «Бастыҥ уопсастыбаннай миэстэлэр»номинацияларга бэрилиннэ. Бастыҥнар ахсааныгар Саха сирин 22 куоратыттан уонна 20 сэлиэнньэтиттэн 107 эбийиэк  киирдэ. Билигин биһиги кыайыылаахтары талыыга кыттыахтаах эспиэрдэр хамаандатын тэрийэбит. Хас биирдии бырайыак улахан болҕомтону уонна билиниини эрэйэр. «Эйгэ» бириэмийэ  Саха сирин архитектурнай-градостроительнай уонна дизайнерскай уопсастыбатын биир сүрүн түгэнинэн буолар», — диэтэ Любовь Папок.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: