16 тыһыынча ыал «100 сыл оҕолоро» хапытаалы ылла

Share

Саха АССР олохтоммут 100 сылын көрсө, 2022 сыллаахха Ил Дархан саҥа төрөөбүт оҕолорго «100 сыл оҕолоро» хапытаалы олохтообута. 2024 сылтан бу хапытаалы 16 357 дьиэ кэргэн ылла. 

2025 сыл тохсунньутугар 1553 ыал хапытаалы номнуо ылла. Быйыл бу хапытаал суумата үрдээн, 116 тыһыынча 756 солкуобайга тэҥнэстэ.

Хапытаалы ылыы мэхэньиисимэ судургутуйда, туһаныы көрүҥэ кэҥээтэ. Хапытаалы ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт. Төрөппүттэр Арассыыйа гражданнара уонна Саха сиригэр бастайааннай бырапыыскалаах буолуохтаахтар. ЗАГС уорганыттан оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэни ыллахтарына, ананар. Хаһыс төрөөбүтүттэн тутулуга суох, хас биирдии оҕоҕо бэриллэр.

5741 ыал олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарарга, 1387 ыал тырааныспар атыылаһарга, 184 ыал оҕо үөрэнэригэр, 45 ыал — ипотеканы сабарга, 37 — кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга, 27 — Арассыыйаҕа сынньанарга, 11 — гааһы киллэрэргэ туһаммыттар.

«100 сыл оҕолоро» хапытаал 2022 сыл кэнниттэн өссө биэс сылга уһаабыта.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бэс ыйын 6 күнэ: этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар, хоту -3° кыраадыс

Саха сиригэр бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, синоптиктар соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу ардах түһэрин, хотугу оройуоннарынан ардыырын,…

7 минут ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Уопсастыба

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: бэс ыйын 6-13 күннэрэ

Сулустар тугу кэпсииллэр? Астрологтар туох диэн билгэлииллэр? ХОЙ Барыылаах-кэлиилээх, тэтимнээх нэдиэлэ үүммүт. Арыый уоскуйа түһэр…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕо суох иһитиннэриигэ итэҕэйимэҥ

Соторутааҕыта Саха сириттэн  200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын  курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Ол…

11 часов ago
  • Сонуннар

Экологтар субуотунньуктаатылар

Бүгүн Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна Эколог күнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ Раиса Иванова 45 сыл устата бэтэринээрдиир

Быйыл Ил Дархан "Үлэ киһитэ" бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Доруобуйа харыстабылын өссө аҕыс бөдөҥ эбийиэгэ тутуллуоҕа

Саха сиригэр  доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ бөдөҥ эбийиэктэрэ тэтимнээхтик…

13 часов ago