Алексей Еремеев: 2025 сылга бүддьүөт социальнай хайысхалаах буолара оннунан хаалар
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бүддьүөт социальнай хайысхалаах буоларын бэлиэтээтэ.
Саха сирин парламена этэринэн, 2025 сылга уонна 2026-2027 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылылынна. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Бүддьүөт бырайыага балай да балансаламмыт. Уопсастыбаҕа наадалаах тирээн турар суолталаах боппуруостары барытын учуоттаатыбыт. Бүддьүөт социальнай хайысхата оннунан хаалар, судаарыстыба бары эбэһээтэлистибэлэрэ толоруллуохтара. Дойдуга олоххо киллэриллэр национальнай бырайыактарынан хос үбүлээһиҥҥэ үп-харчы көрүллүөхтээхтэрин бэлиэтиибин. Итиэннэ биһиги саҥа национальнай бырайыактарга үбү-харчыны угуохтаахпыт», — диэн эттэ Алексей Еремеев.
Кини тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ ураты болҕомто уурулларын бэлиэтиир. Тыа хаһаайыстыбатын салааларын үбүлээһинэ 2024 сылга курдук эһиил 15,7 млрд солкуобайтан намыһах буолуо суоҕа. Сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыныллыбыт сокуон барылынан, 2025 сыллааҕы бүддьүөт дохуота — 291,3 миллиард солкуобай, 2026 сылга — 312 миллиард солкуобай, оттон 2027 сылга — 307,8 миллиард солкуобай тэҥнэһиэ. 2025 сылга бүддьүөт ороскуота 294 млрд солк. былааннанар, 2026 сылга -314,4 млрд. солк. уонна 2027 сылга — 310,2 млрд солк. Өрөспүүбүлүкэ үс сыллаах бүддьүөтүн сүрүн соруга – дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев оҥорбут стратегическай соруктарын ситиһии уонна гражданнар иннилэригэр социальнай эбэһээтэлистибэлэрин толоруу.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: