Алексей Еремеев: 2025 сылга бүддьүөт социальнай хайысхалаах буолара оннунан хаалар

Share

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бүддьүөт социальнай хайысхалаах буоларын бэлиэтээтэ.

Саха сирин парламена этэринэн,   2025 сылга уонна 2026-2027 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылылынна.  Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата, ВАасилий кононов

«Бүддьүөт бырайыага балай да балансаламмыт. Уопсастыбаҕа  наадалаах тирээн турар суолталаах боппуруостары барытын учуоттаатыбыт. Бүддьүөт социальнай хайысхата оннунан хаалар, судаарыстыба бары эбэһээтэлистибэлэрэ толоруллуохтара. Дойдуга олоххо киллэриллэр национальнай бырайыактарынан хос үбүлээһиҥҥэ үп-харчы көрүллүөхтээхтэрин бэлиэтиибин. Итиэннэ биһиги саҥа национальнай бырайыактарга үбү-харчыны угуохтаахпыт», — диэн эттэ Алексей Еремеев.

Кини тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ ураты болҕомто уурулларын бэлиэтиир. Тыа хаһаайыстыбатын салааларын үбүлээһинэ 2024 сылга курдук эһиил 15,7 млрд солкуобайтан намыһах буолуо суоҕа. Сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыныллыбыт сокуон барылынан, 2025 сыллааҕы бүддьүөт дохуота291,3 миллиард солкуобай, 2026 сылга — 312 миллиард солкуобай, оттон 2027 сылга — 307,8 миллиард солкуобай тэҥнэһиэ. 2025 сылга бүддьүөт ороскуота 294 млрд солк. былааннанар, 2026 сылга -314,4 млрд. солк. уонна 2027 сылга — 310,2 млрд солк. Өрөспүүбүлүкэ үс сыллаах бүддьүөтүн сүрүн соруга – дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев оҥорбут стратегическай соруктарын ситиһии уонна гражданнар иннилэригэр социальнай эбэһээтэлистибэлэрин толоруу.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

9 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

9 часов ago