16,7 тыһыынча оҕоҕо «100 сыл оҕолоро» хапытаалы биэрбиттэр

Share

Саха сиригэр атырдьах ыйыгар 995 оҕо: 506 уол, 489 кыыс төрөөтө. Кинилэр бары Айсен Николаев олохтообут «100 сыл оҕолоро» хапытаалы ылаллар. Хапытаал суумата — 105 тыһыынча солкуобай, Ил Дархан ыйааҕынан өссө 5 сылга уһаан биэрбитэ.

2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, бу хапытаалы биэрэр туһунан 16 723 быһаарыы ылыллыбыт. Кинилэртэн 6352 ыал 520 мөлүйүөн 900 тыһыынча солкуобай суумалаах хапытаалларын туһаммыттар.

Хапытаал үбүн саамай элбэхтик олорор дьиэни тупсарыыга ыыталлар (380,5 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 4767 сайабылыанньа) уонна тырааныспары атыылаһарга ыыталлар (130,7 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 1459 сайабылыанньа).

40 ыал бааҥҥа оҕо аатыгар кылаат арыйбыттар, 37 ыал кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, 23 ыал — оҕоҕо үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорорго, 15 ыал — оҕо үөрэнэригэр, 11 ыал — дойду иһигэр сынньана барарга ыыппыттар.

2023 сылтан хапытаал үбүн чааһынай дьиэҕэ гааһы киллэриигэ ыытыахха сөп буолла. Гааһы киллэртэрбит уонна анал тэрили атыыласпыт ороскуоту хапытаал үбүнэн толуйтарыахха сөп. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх хайысханан салгын сыттыктаах суудуналар cырыылара саҕаланна

Алтынньы 16 күнүттэн, чэппиэртэн, Өлүөнэ өрүскэ гидрологическай балаһыанньа мөлтөөһүнүнэн сибээстээн, катердарынан өрүс таһыыта тохтотулунна. Бүгүҥҥүттэн…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сыыппара
  • Уопсастыба

Ыраах, уустук суоллаах улуустарга уматыгы тиэйии түмүктэнэн эрэр

Саха сиригэр 2025–2026 сыллардааҕы оттук сезонун этэҥҥэ аһарарга анаан, ыраах сытар, уустук суоллаах улуустарга уматыгы…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Корякин: «Баһылыктар, дьокутааттар эппиэтинэстэрэ үрдүөҕэ, хонтуруол күүһүрүөҕэ»

Бу күннэргэ Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэриигэ араас таһымҥа киэҥник дьүүллэһии бара турар. …

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Сүөһү төбөтүгэр бэриллэр харчы хаһан түһэрий?

— Сүөһү төбөтүгэр бэриллэр харчы ханна тиийдэ. “Быһа эпииргэ” боппуруос биэрбитим, баччааҥҥа диэри хоруй кэлэ илик.…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр Тыгын Дархаҥҥа уонна кини сыдьааннарыгар  пааматынньыгы арыйдылар

Тыгын Дархан пааматынньыга постаменын кытта 4 миэтэрэ 30 см үрдүктээх. Бүгүн Хаҥалас улууһугар ытык Куллаты…

53 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр бэйэ дьыалатын саҕалыырга микрокирэдьиит биэрэллэр

Саха сиригэр байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ буолбут урбаанньыттары өйүүр кэккэ миэрэлэр олоххо киирэллэр. Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи…

58 минут ago