16,7 тыһыынча оҕоҕо «100 сыл оҕолоро» хапытаалы биэрбиттэр

Share

Саха сиригэр атырдьах ыйыгар 995 оҕо: 506 уол, 489 кыыс төрөөтө. Кинилэр бары Айсен Николаев олохтообут «100 сыл оҕолоро» хапытаалы ылаллар. Хапытаал суумата — 105 тыһыынча солкуобай, Ил Дархан ыйааҕынан өссө 5 сылга уһаан биэрбитэ.

2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, бу хапытаалы биэрэр туһунан 16 723 быһаарыы ылыллыбыт. Кинилэртэн 6352 ыал 520 мөлүйүөн 900 тыһыынча солкуобай суумалаах хапытаалларын туһаммыттар.

Хапытаал үбүн саамай элбэхтик олорор дьиэни тупсарыыга ыыталлар (380,5 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 4767 сайабылыанньа) уонна тырааныспары атыылаһарга ыыталлар (130,7 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 1459 сайабылыанньа).

40 ыал бааҥҥа оҕо аатыгар кылаат арыйбыттар, 37 ыал кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, 23 ыал — оҕоҕо үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорорго, 15 ыал — оҕо үөрэнэригэр, 11 ыал — дойду иһигэр сынньана барарга ыыппыттар.

2023 сылтан хапытаал үбүн чааһынай дьиэҕэ гааһы киллэриигэ ыытыахха сөп буолла. Гааһы киллэртэрбит уонна анал тэрили атыыласпыт ороскуоту хапытаал үбүнэн толуйтарыахха сөп. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Ойуһардаах кэллиэксийэньиэрэ

Урут грампластинка диэн баар буолара. Ырыа арааһын холбоон истэрбит. Биһиги көлүөнэ оҕо эрдэхтэн эдэр сааспыт…

21 секунда ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү өрүскэ мууһу дэлби тэптэрии иккистээн ыытыллыа

Бэҕэһээ Бүлүү өрүскэ муус харан, уу таһыма үрдээн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута. Харыы тахсыбыт сиринэн…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэл нэдиэлэтэ саҕаланна

Ыам ыйын 13 - 19 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ түмэллэр нэдиэлэлэрэ саҕаланна. Бу түмэллэр аан дойдутааҕы күннэрин…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамай ыччата нэһилиэгин туһугар

Горнай улууһугар Атамай ыччата дойдуларын сайыннарарга сүҥкэн кылааттарын киллэрсэллэр. Олохтоох дьаһалта үлэһитэ Айсен Егорович Павлов…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэтэ!

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн –…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 15 күнэ

Бүгүн күн-дьыл хайдаҕый? Ханна ардыыр, тыалырар? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа туох диирий? Түүн арҕаа, киин улуустар…

2 часа ago