17-с кыбартаалга үлэ саҕаланна уонна күүскэ барыа

Share

РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин Саха сиригэр оробуочай сырыытын кэмигэр Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаевы кытары Дьокуускай куорат 17-с кыбартаалыгар, «Кырдьаҕас куорат» история-архитектура комплекска, «Звезднай» микрооройуоҥҥа, 68 түөлбэҕэ, о.д.а. сылдьан көрдө.

17 кыбартаалга көһөрүлүннэҕинэ ити миэстэҕэ «Спортивнай»диэн саҥа микрооройуон тутуллуохтаах. Ол туһунан Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев кэпсээтэ.

Максим Орешкин сүрүн сыалынан Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын олоххо киирэрэ төһө бэлэмнээҕин бэрэбиэркэлээтэ. Ол түмүгүнэн суруналыыстары кытары көрсөрүгэр санаатын үллэһиннэ.

«Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар креативнайдык сайдаллар. Бу куораттар маастар-былааннара биир кэмнээх буолбакка, өр кэмнээх сайдыы тиһигинэн буолар. Бүгүн боппуруоһу көрдүбүт, чопчулаатахха, тэхэньиичэскэй мунньах буолла диэххэ сөп. Ситэри быһаарылла илик боппуруостар даҕаны бааллар, этиилэри  иһиттибит. Бырайыак бэлэмнэнии таһымыгар сылдьар», — диэтэ РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин.

Ил Дархан  Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ куораттарын  маастар-былааннарын туһунан этэригэр, бу Дьокуускай куорат 400 сыллаах үбүлүөйүн көрсө олоххо киириэхтээ5ин, номнуо үлэ саҕаламмытын санатта.

«Дьокуускай куоракка хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү биһиги биир сүрүн сорукпутунан буолар. Онуоха 2, 4, 17 кыбартааллары көһөрүү биэс түһүмэҕинэн, 2030 сылга диэри барыа. Көһөрүү Уһук Илин сайдыытын бырагырааматынан, эрэгийиэн инфраструктурнай тутууга бүддьүөт кирэдьиитин бырагырааматынан үбүлэниэ, өрөспүүбүлүкэ бу территориялар кэлим сайдыыларынан дьарыктанан эрэр. Бэлиэтээн этиэм этэ, биһиги Бэрэсидьиэммит быһаарыытынан Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин кииннэригэр анал казначескай кирэдьиит тыырылынна, быйыл ол 30 млрд солк., онтон 4 млрд солк. курдук үп Дьокуускай сайдыытыгар бэриллиэ»,  — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан биһиги билигин билэбит, дьону хайдах «Звезднай» кыбартаалга көһөрөрү, ол кэнниттэн 17 кыбартаал оннугар социальнай эбийиэктэри хайдах тутары, инфраструктуратын хайдах киллэрэри, онуоха оҥоһуллуохтаах сорук, үлэ элбэх диэн эттэ.  Айсен Николаев 17-с кыбартаалга үлэ саҕаланна уонна күүскэ барыа диэн тоһоҕолоон бэлиээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

3 часа ago