Атырдьах ыйын 17 күнүгэр, билигин анааран көрдөххө, Оһуокай күнүн ылынары түстүүр үтүө мунньах күнэ эбит. «АЛРОСА» АХ дьиэтин иккис этээһигэр куоракка олорор Оһуокай уопсастыбатын чилиэттэрэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковы кытары көрсүспүппүт.
Хата, Аар Айыыларбыт көмөлөрүнэн, ис дууһаттан тахсар алгыстаах тылларбытын Сергей Васильевич барытын лоп бааччы истэн, анааран, ыллыктаах этиитин Ил Дархан Айсен Николаев ылынан ыйаах тахсан, ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуокай күнэ биллэриллэн, сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Бу үтүө сураҕы истээри Сомоҕолоһуу оһуокайа куораттарынан, улуустарынан этэҥҥэ ыытылынна. Эллэй эһэбит саҕаттан үҥкүүлээн кэлбит оһуокайбыт дорҕоонноохтук ааттанар, анал күннээх буолла. Мин көрсүһүүгэ санаа үллэстиигэ тоҕус ыйдаах тымныы кэнниттэн Ньукуолун күнүгэр эбэтэр, биир-икки күн тэрийэр тоҕоостоох диэн эппитим. Онуоха СӨ үтүөлээх этээччитэ, өр сылларга учууталынан, оскуола директорынан үлэлээбит Аскалон Лукич Егоров ыам ыйын 25 күнүгэр, Бүтэһик чуораан ыытыллар күнүгэр, үөрэнээччи оскуолатын бүтэрэр долгутуулаах күнүгэр оһуокай ыытыллара саамай сөптөөх, көлүөнэ утумун тутарыгар дьоһун күн буолуоҕа диэн ыллыктаах санаатын эппитэ. Кырдьык, толкуйдаан да көрдөххө, сибэтиэй күҥҥэ түбэһэр эбит. Устуоруйаҕа төннөн эттэххэ, уон сыл анараа өттүгэр төһөлөөх салайааччы Оһуокай күнүн ылынары тоҕо эрэ болҕомтолоругар хатаабатахтар. Биир мындыр киһи эппитинии, күн ыраахтааҕыга саха олоҕун туруорсубут Сэһэн Ардьакыап дойдутуттан төрүттээх, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр салайааччыларбыт Александр Жирков олоҥхону, Сергей Местников оһуокайы туругурда, сайыннара сылдьаллар диэн этиитин олус сэргии истибитим. Дьэ, диэх да курдук буолла. Оһуокай күнэ биллэриллибитинэн барыгытын эҕэрдэлиибин.
Марта Николаева
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038