Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ гуманитарнай көмөнү тиксэрдэ

Share

Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ бу күннэргэ анал байыаннай дьайыы зонатыгар гуманитарнай көмөнү тиэрдии сырыы чэрчитинэн 58  байыастары көрүстүлэр.

Сэтинньи 22 күнүттэн Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ Запорожскай уобаластан саҕалаан Херсонскай уобалаһыгар, Донецкай, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэринэн уонна Курскай, Белгородскай уобаластарынан биир дойдулаахтарын көрсөн гуманитарнай көмөнү тиэртилэр.


«Быйыл үһүс гуманитарнай көмөнү тиэрдиигэ сырыыбытын күһүҥҥү идэһэ уонна муҥха кэнниттэн былааннаабыппыт. Онон байыастарбытыгар дойдуларын аһын-үөлүн — эти, балыгы тиксэрдибит. Байыастар дойдуларыттан ахтылҕаннаах астарын тутан олус сэргэхсийдилэр. Маны сэргэ, 6 матаһыыкыл, 3 тепловизор, 3 түүҥҥү прицел, 10 «Асель» дрон детектор, биирдии устуука «Капюшон» уонна «Ромашка» РЭБ ыстаансыйалар, 3 Skyzone COBRA X V4 FPV видео-шлем, биир Инкубатор 2.0 дрон сигналын күүһүрдэр тэрили, ону кытта Үөһээ Бүлү үолохтоохторун аатыттан, баһылык Силигиянов Максим Филиппович туттарбыт, 4 устуука дроннары тиксэрдибит. Сибээскэ  тахсыбатах байыастарбытыгар баһыылкалары Саха Сирин тирэх пууннарыгар хааллардыбыт. Тирэх пуун үлэһиттэрэ баһыылкалары чопчу тиксэриэхтэрэ. Сулууспалыы сылдьар эр хоһууттарбытын кытта көрсөн, туруктарын, хааччыллыыларын, үлэлиир усулуобуйаларын кытта билсистибит. Үөһээ Бүлүүлэр олус түмсүүлээхтик, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн-кэпсэтэн тэҥҥэ сылдьалларыттан киэн туттабыт.

Анал байыаннай дьайыы хонуутугар саа-саадах тутан эйэлээх олох туһугар туруулаһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн, биир санаанан салайтаран түмсэммит, байыастарбытын күүскэ өйөөтөхпүтүнэ кыайыыны хайаатар да ситиһиэхпит! Гуманитарнай көмөнү хомуйарга кыттыспыт Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарга, биир күннээх хамнастарын пуондаҕа анаабыт  бүддьүөт үлэһиттэригэр кыайыыга кылааккыт иһин махтанабыт. Иннибит хоту диэки бары бииргэ! Түмсүүнэн — кыайыыга!», — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрэр.

Бу курдук быйыл үһүс төгүлүн гуманитарнай сырыы ситиһиилээхтик түмүктэннэ, диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago