Өлөчөйгө саҥа култуура комплекса аһылынна

Share

Бу күннэргэ «Сахам сирэ XXI үйэҕэ» бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһына 25 сылын чэрчитинэн Өлөчөй сэлиэнньэтигэр элбэх өҥөнү оҥорор култуура комплексын өрөгөйдөөх аһыллыыта буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ култуураҕа уонна киэҥ информация сириэстибэлэригэр Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев, сир сыһыаннарыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин кыттыыны ыллылар.«Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн Александр Корякины хамсааһын салайааччыта Алексей Петров наҕараадалаата.

Ил Түмэн дьокутааттара Александр Корякин, Виктор Губарев, Андрей Находкин бар дьону үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтилэр. Тутууга, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа Ил Түмэн сис кэмитиэтин бочуоттаах грамотатынан улуустааҕы тутуу управлениетын начаалынньыга Илья Григорьев, Алтан нэһилиэгин дьаһалтатын үп-харчы салаатын сүрүн исписэлииһэ Февронья Попова, сир сыһыаннарыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бочуоттаах грамотатынан Алтан нэһилиэгин землеустроителэ Иннокентий Попов наҕараадаланнылар. Комплекс аһыллыытыгар СӨ тутуу миниистирин бастакы солбуйааччыта Евгений Афанасьев, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин социокультурнай үлэ уонна муниципальнай тэриллиилэри кытта дьайсыы салаатын салайааччыта Вера Моисеева, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Анна Исакова кытыннылар.

Култуура комплексын Руслан Трофимов салайааччылаах «Стройкомплектсервис» тэрилтэ тутан киллэрдэ. Кини Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитовка бэлиэ күлүүһү туттарда.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитов, «Сахам сирэ 21 үйэҕэ» хамсааһын салайааччыта Алексей Петров, «Стройкомплектсервис» бэдэрээтчитэ Руслан Трофимов, Өлөчөйдөөҕү култуура киинин дириэктэрэ Поликарп Билюкин кыһыл лиэнтэни быһан саҥа тутуу аанын арыйдылар.

Култуура комплексын биир кынатыгар дьахталларга, эр дьоҥҥо тус-туспа гримернайдар, костюмернай, дириэктэр, исписэлиистэр хосторо, ортотугар 10 миэтэрэ усталаах, 5,80 миэтэрэ үрдүктээх сыана, 150 миэстэлээх кэнсиэртиир саала, уҥа өттүгэр үс хоһунан олохтоох дьаһалта хонтуората уонна бибилэтиэкэ үлэлиэхтэрэ диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

13 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

32 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

53 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago