Саха сиригэр онкология ыарыытын аҥарыттан ордуга эрдэтинэ быһаарыллар

Share

Саха сиригэр 57%-тан тахса онкология ыарыыта эрдэтинэ быһаарыллар.

Бу диагностика саҥа ньыматынан  ситиһиллэр. Итинник статистиканы Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрбитэ. 2024 сыл тохсунньутугар Саха сиригэр саҥа онкокиин аһыллыбыта. Бу кэмҥэ  42 тыһыынчаттан тахса ыарыһах сырытта. Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр 4 тыһыынчаттан тахса эпэрээссийэ ыытыллыбыт.

«Бу кэмҥэ онкокиин 47 тыһ. киһи сырытта. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 15%-нан элбэх. 4 300 эпэрээссийэ ыытыллыбыт, бу 20 %-нан элбэх. Диагностика саҥа ньыматынан 57%-тан тахса онкология ыарыыта эрдэтинэ быһаарыллар», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Кини итини сэргэ 2025 сылтан Саха сиригэр онкологическай сулууспа тэриллиэҕэ диэн эбэн эттэ. «Итинэн сибээстээн диагностика болдьоҕо сарбыллыа уонна эмтэнии саҕаланыыта аҕыйыа, аныгы эминэн хааччыйыы тупсуо, үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр ордук тоҕоостоох буолуохтара. Ити барыта дьулаан ыарыыны ситиһиилээхтик эмтииргэ кыаҕы улаатыннарар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, саҥа киин Дьокуускайга судаарыстыба баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн киллэриллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Тыа сирин олохтооҕо оҕолору хаар оҥоһуктарынан үөрдэр

53 саастаах Игорь Никулин үйэ чиэппэриттэн ордук Абый оройуонун Абый сэлиэнньэтигэр дьэрэкээн өҥнөөх хаар оҥоһуктары…

40 минут ago
  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 80 сааска диэри үйэлэниигэ сорук туруордулар

2030 сылга саха дьонун орто саастара 80 тэҥнэһиэн наадатын туһунан соругу  Ил Дархан Айсен Николаев…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлиэхтээҕинэн эрэ олоруу – бүгүҥҥүнү сүтэрии

“Кирэдьииппин төлөөн бүтэрдэхпинэ, массыына атыыластахпына ыал буолуом эбэтэр дьиэбитин-уоппутун тэринэн, харчы мунньунан баран оҕолонуохпут” диэн…

56 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо сөмөлүөккэ пассажиры куруусканан бырахпыт

Пассажирскай сөмөлүөккэ күлүгээннээһин туһунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Тырааныспар борокуратуурата маннык быһаарыы сокуоннайын билиннэ. Быһылаан ахсынньы…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Саха сиригэр айан суолга түөрт киһи үлүйэ сыспыт

Ньурба оройуонун ДПС инспектордара кыһыҥҥы айан суолга суоппардарга көмөлөстүлэр. Түүн оройуон исписэлиистэрэ «Бүлүү» трасса 818…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бүгүн — Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүннэ

Ахсынньы 21 күнэ – Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүнэр. Бу күнтэн ыла Саха сирин аатырбыт…

2 часа ago