Саха сиригэр күн коллектордарыгар олоҕуран үлэлиир бастакы оскуола аһылынна

Share

Ахсынньы 20 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

Бу бэйэтэ автономнай хочуолунайдаах күн коллектордарыгар олоҕуран үлэлиир Саха сиригэр бастакы оскуола буолуоҕа. 360 миэстэлээх саҥа куорпус Саха сирин Бырабыыталыстыбатын уонна ПроШкола икки ардыларыгар концессиятыгар оҥоһулунна. Жатай оскуолата, бүгүн Марха оскуолатын курдук биир симиэнэҕэ үөрэниэхтэрэ.

«Оскуола аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр уонна хаачыстыбатынан үөрдэр. Бырайыак судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, «Прошкола» уонна Сбербаан кыттыылаах концессиянан оҥоһулунна. Биһиги дойдубутугар инфраструктураны сайыннарыыга судургута суох усулуобуйа баарын үрдүнэн, чопчу маннык бырайыактар хамсааһыннара тахсаллара сайдыыны туоһуулур. Маннык бырайыак, бастатан туран, экэниэмкиэ сайдарыгар көмөлөһөр. Ити барыта хардарыта сибээстээх», — диэн үөрэнээччилэргэ уонна педагогтарга Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кирилл Бычков эттэ.

Бырайыакка инвестордар үптэрэ тардылынна. Оскуола тутуутун уонна хааччыйыытын сыаната 970 мөл. солк., итинтэн 470 мөл. – капительнай грант, онтон ордуга — ВЭБ.РФ уонна Сбербаантан тардыллыбыт инвестиция.

360 миэстэлээх сабыс саҥа дьиэ 5-11 кылаастан үөрэнээччилэргэ ананна. Оскуола эргэ дьиэтэ начаалынай оскуолаҕа бэриллиэҕэ, эһиил онно хапытаалынай өрөмүөн саҕаланыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев бүддьүөт секторыгар салайааччылары сарбыйар туһунан эттэ

Бүддьүөт секторыгар салайааччылары (управленецтары) салгыы сарбыйыы туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэмигэр иһитиннэрдэ.…

28 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Тыа сирин олохтооҕо оҕолору хаар оҥоһуктарынан үөрдэр

53 саастаах Игорь Никулин үйэ чиэппэриттэн ордук Абый оройуонун Абый сэлиэнньэтигэр дьэрэкээн өҥнөөх хаар оҥоһуктары…

1 час ago
  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 80 сааска диэри үйэлэниигэ сорук туруордулар

2030 сылга саха дьонун орто саастара 80 тэҥнэһиэн наадатын туһунан соругу  Ил Дархан Айсен Николаев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлиэхтээҕинэн эрэ олоруу – бүгүҥҥүнү сүтэрии

“Кирэдьииппин төлөөн бүтэрдэхпинэ, массыына атыыластахпына ыал буолуом эбэтэр дьиэбитин-уоппутун тэринэн, харчы мунньунан баран оҕолонуохпут” диэн…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо сөмөлүөккэ пассажиры куруусканан бырахпыт

Пассажирскай сөмөлүөккэ күлүгээннээһин туһунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Тырааныспар борокуратуурата маннык быһаарыы сокуоннайын билиннэ. Быһылаан ахсынньы…

2 часа ago