Экстрасенстар билгэлэрин таһаарартан аккаастанарга этии киллэрдилэр

Share

Госдуума дьокутаата СМИ-нэн астрологтар уонна айылҕаттан айдарыылаахтар билгэлэрин таһаарартан аккаастанарга ыҥырда.

Госдуума дьокутаата, вице-спикерэ Борис Чернышов (ЛДПР) ол оннугар үөрэх бырайыактарын, ситиһиилэрин, ону сэргэ билим уонна култуура ситиһиилэрин туһунан иһитиннэриилэри таһаарарга этии көтөхтө.

Холобур, Египеккэ СМИ-нэн астрологтары, көрбүөччүлэри уонна да атын «экстрасенстары», билими утарар эйгэни тарҕатыыга бобуу киллэрдилэр. «Арассыыйаҕа ити ньыманы эмиэ туһаныахтарын сөп. Биһиги аныгы технология уонна билим сайдыытын үйэтигэр олоробут. Магияны уонна сымыйа итэҕэли тарҕатыы оннугар үөрэх бырайыактарын, билим уонна култуура ситиһиилэрин туһунан иһитиннэриилэри тарҕатыахха наада. Маннык контент дьиҥнээх туһаны аҕаларын таһынан, СМИ-гэ итэҕэли үрдэтиэ», — диэтэ Чернышов. Бу туһунан РИА новости суруйар.

Кини маны таһынан бөдөҥ эрэдээксийэлэр салалталарын аадырыһыгар туһааннаах ыҥырыылары ыытарын туһунан биллэрдэ. Кини этэринэн, Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ кэмигэр СМИ-нэн сонуннарга үгэс курдук астрологтар, көрбүөччүлэр, шаманнар уонна да атын «экстрасенстар» билгэлэрэ элбэхтик тахсар.

«Маннык матырыйааллар үксүгэр аралдьытар хайысхалаахтар да, тугу да үөрэппэттэр, дьиҥинэн кинилэр түөкүннээһини тарҕатыыны үөскэтэллэр», — диэн Госдуума вице-спикерэ бэлиэтээтэ.
What’s your Reaction?
+1
30
+1
11
+1
2
+1
0
+1
2
+1
2
+1
3

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

11 часов ago