Салгыы
Тулагыга 8 оҕо пассажирдаах микрооптуобус кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Тулагыга 8 оҕо пассажирдаах микрооптуобус кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Ааптар:
01.11.2024, 19:10
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 1 күнүгэр, Дьокуускай куорат Тулагы нэһилиэгэр аҕыс оҕо пассажирдаах микрооптуобус кыттыылаах суол быһылаана таҕыста.

Эмсэҕэлээбиттэр бааллар, диэн СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Барыллаан быһаарыынан, «Тойота Премио» массыына суоппара утары суол балаһатыгар тахсыбыт уонна  микрооптуобуһу кытта харсыспыт. Саха сиринээҕи ЫБММ сулууспатыгар чуолкайдаабыттарынан, газель-микрооптуобуска 10 киһи айаннаан испит, ол иһигэр 8 оҕо. Иккис массыынаҕа икки киһи. Оҕолор Дьокуускайтан Нам улууһун Хомустаах сэлиэнньэтигэр айаннаан испиттэр.

Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Быһылаан түмүгэр биир оҕо уонна «Тойота Премио» массыына пассажира эмсэҕэлээбиттэр. Атын оҕолору миэдиктэр көрөн-истэн баран, балыыһаҕа илдьэр наадата суох диэн быһаарбыттар.  Быһылаан миэстэтигэр  баһаарынайдар, быыһааччылар, суһал көмө, ГИБДД үлэһиттэрэ тиийэн үлэлээтилэр. Суол быһылаанын чахчытынан Дьокуускай куорат борокуруора Виктор Умеренко бэрэбиэркэҕэ таҕыста.
Бу чааска Госавтоинспекция пресс-суулууспата чуолкайдаабытынан, саахал түмүгэр «Тойота Премио» массыына пассажира суһал мэдиссиинэ көмөтүн каретатыгар өлбүт. «Газель» микрооптуобуска баар үс оҕону суһал мэдиссиинэ көмөтүн  тэрилтэтигэр тиэрдибиттэр.
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
32
+1
3
+1
13
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: