Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Михайлов тыйаатырга, киинэҕэ, сэрийээллэргэ уонна режиссер быһыытынан үлэлэрин көрөөччүлэр олус күүтэллэр уонна кини үрдүк маастарыстыбатын сыаналыыллар. Бүгүрү үлэһит, умсугутар тус кэрэлээх артыыс, уопсастыбанньык Дмитрий Дмитриевич Сахатын тыйаатырын иккис дьиэтинэн ааттыыр.
— Дмитрий, эн биир дойдулаахтарыҥ, бэйэҥ көлүөнэ дьоно куруук гитара кыбыныылаах сылдьаргын өйдөөн хаалбыт буолуохтаахтар, бука, ырыаһыт буолуо диэн күүттэхтэрэ. Артыыс идэтин хайдах талбыккыный?
— Бастакы кылаастан үөрэммит Сунтаарым орто оскуолатын бүтэриэхпэр диэри үрүҥ халааттаах аанньал буолар баҕалаах этим. Куоракка мэдиссиинэ факультетыгар туттарса сылдьыбытым да, баалым хапсыбатаҕа. Онон икки сыл мас дьиэлэри тутууга үлэлээбитим, онтон аармыйаҕа
ытык иэспин толоро барбытым. Сулууспалаан кэлэн баран ыра санаабын ситээри, эмиэ мэдиссиинэ факультетыгар боруобаланан көрбүтүм. Ол сырыттахпына, 1980 сыллаахха Өлүөхүмэттэн сылдьар доҕорум: “Москваттан бэрэпиэссэрдэр кэлбиттэр, туох эрэ “Пешкин” (Щепкин диэри) диэҥҥэ докумуоннары туталлар үһү”, — диэн кэпсээннээх буолан биэрдэ. Инньэ гынан, туох да бэлэмэ суох дьон, интэриэһиргээн да буолуо, урукку “Чароит” дьиэтигэр тыйаатырга тиийдибит. «Пешкиҥҥэ» эксээмэннэрбин барытын үчүгэйдик туттарбытым кэннэ аны артыыс маастарыстыбатыгар холоннум. Этэллэрин барытын толоро сатаатым. Хоһоонно аах диэбиттэригэр, бырааппар үөрэппит хоһоонум өйбөр түһэн, Ойуунускай “Өрүөл кэриэһэ” хоһооно абыраабыта. Гитаранан эмиэ ыллаабытым. Эппит түһүмэхтэрин толорон истэҕим аайы тохтотон испиттэрэ. Кэлин билбитим, Щепкин аатынан училище декана, сэрии бэтэрээнэ, миигин улахан муннунан сөхтөрбүт Дмитрий Георгиевич Кознов эксээмэннэри туппут эбит. Ол буһа-хата сырыттахпына, биир билбэт киһим кэлэн: “Артыыс буолуоххун баҕараҕын дуо? Баҕарабын диэ!” — диэн аттыбыттан арахпат. Кэлин билбитим, биир идэлээҕим уонна СӨ норуодунай артыыската буолуохтаах Зоя Петровна Багынанова эбит. Кини уола Гена баар эбит этэ. Онон, 20 миэстэҕэ 160‑ча киһи туттарсыбыт улахан куонкуруһу ааспыппыт.
Дойдубутугар Олимпиада саҥа бүппүт кэмэ этэ. Инньэ гынан ып-ыраас, чэпчэки сыаналаах куоракка үөрэнэ тиийбиппит, сөҕөн-махтайан да биэрбиппит.
Сарсыарда 9 чаастан киэһэ 8–9 чааска диэри үөрэнэрбит. Үөрэх бырагыраамата наһаа ыгым этэ. “Артыыс маастарыстыбатыгар” кыыллары үтүктээри, зоопаркаҕа сылдьарбыт. Кыыллар хас хамсаныыларын үөрэтэн, 5–6 буолан композиция толкуйдаан туруорар этибит. Ньурба тыйаатырын режиссера Спартак Слепцов уола Семен балыктыырын наһаа үчүгэйдик көрдөрөрө.
Мин “биридиэмэтэ суох эрчиллиини” аһара сөбүлүүрүм.
— Кэлин ахтыылартан аахтахха, тыа сириттэн улахан куоракка тиийбит ыччаттар араас төрүөтүнэн үөрэхтэрин бырахпыттара элбэх курдук эбит. Эйиэхэ биирдэ да кэмсинэр санаа киирбэтэҕэ дуо?
— Дьолго, оннук санаа биирдэ да киирэн ылбатаҕа. Икки уолбут бастакы куурустан каратэнан уонна тустуунан дьарыктана барбыта. Онтон 4 киһи эбии кэлбитэ, онон 20 киһи үөрэхпитин этэҥҥэ бүтэрэн кэлбиппит.
Биһиги устуудьуйаҕа үөрэммит ыччаттар бары бэйэлэрин булунан, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Б. Ойуунускай ааты-нан Саха тыйаатырыгар, Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатырга уонна Нерюнгрига куукула тыйаатырыгар тарҕаһан үлэлии барбыппыт. Саха тыйаатырыгар уончаҕа тиийбэт артыыс хаалбыппыт. Артыыстары тэҥэ, сорохтор арыый атын үлэҕэ олохторун анаан, биллэр-көстөр дьон буоллулар. Мария Боппоенова — А. Д. Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин преподавателэ, Никита Аржаков — киинэ режиссерунан аан дойдуга тиийэ билиннэ, Гена Багынанов үгүс элбэх ураты киинэлэргэ режиссердаан, аатын ааттатан барда, Петр Скрябин (Нерюнгри), Юрий Макаров (Ньурба) — тыйаатырдарын солбуллубат режиссердара, Владимир Адамов Ньурба тыйаатырын дириэктэрэ этэ уо. д.а. Хомойуох иһин, сорохторбут орто дойду олоҕуттан туораатылар…
— Эн, арааһа, саха тыйаатырын аарыма артыыстарын баттастаҕыҥ?
— РСФСР норуодунай артыыстара Афанасий Прокопьевич Петрову, Матрена Васильевна уонна Марк Дмитриевич Слепцовтары кытары тыйаатыртан
уурайыахтарыгар диэри гостуруолга бииргэ сылдьыбыт дьоллоохпун. Алексей Дударев “Киэһэ” пьесатыгар үһүөн бииргэ оонньууллара. Тоҕо эрэ, Надежда Ушницкаялыын куруук кинилэр биригээдэлэригэр түбэһэр этибит. Билигин ол кэмнэри олус истиҥник ахтабыт, дьылҕабытыгар махтанабыт. Кэлин тыйаатырбар сүүрбэччэ сыл гостуруол биригээдэтин салайан илдьэ сылдьыбытым.
— Быйыл 65 сааскынан үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэр Ил Дархан Айсен Николаев Махтал суругар эн 180‑ча оруолу оонньообуккун бэлиэтээбит этэ.
— Тапталлаах тыйаатырбар 30‑тан тахса сыл үлэлээбит кэммэр араас былааннаах оруоллары, уобарастары айан кэллим. Махтал суругу ааҕарыгар Андрей Саввич бэйэтэ да соһуйбута (күлэр). Остуоруйа, көрдөөх-күлүүлээх пьесалар, фарс, дыраама уонна трагедия дьоруойдарын оонньоотум.
— Эдэр сылдьан тутууга үлэлээбитиҥ мээнэҕэ буолбатах быһыылаах, билигин да тутуунан дьарыктанаргын билэбит.
— Манна диэн эттэххэ, артыыстар бары дэгиттэр дьон, туохха барытыгар сыстаҕастар. Сайын аайы мас уонна таас дьиэлэри тутууга үлэлэһэбит. Бу — биһиги сөбүлүүр дьарыкпыт. Биирдэ икки мэндиэмэннээх мас дьиэни икки буолан 1,5 ыйынан бүтэрэн турабыт.
Дьиэни тутан таһаарыыны син биир айар үлэ курдук саныыбын. Наар өйгүнэн-санааҕынан эрэ үлэлээбэккэ, эти-сиини чэбдигирдэр үлэнэн эмиэ дьарыктаныахха наада.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
— Олоҕум аргыһын Зинаида Иннокентьевнаны Москваҕа үөрэнэ тиийэн бараммын, 1981 сыллаахха сахалар түмсүүлэригэр олус сөбүлүү көрбүтүм. Кини Москва уобалаһын Орехово‑Зуево куоратыгар пединститукка үөрэммитэ. Эдэр дьон сыыйа-баайа чугастык билсэн, 1982 сыллаахха үөрэнэр училищебар уруу киэһэтин тэрийбиппит. Биһилэхпитин Лидия Павловна Новицкая диэн бэрэпиэссэрбит кэтэрдибитэ. 1983 сыллаахха кэргэним бастакы оҕобутугар академическай уоппуска ылан, Москваҕа оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээбитэ. Эдэр ыалга диэн хос биэрбиттэрэ. Кэлин билбиппит, 5 сыл үлэлээтиҥ да, ол хос (биир хостоох кыбартыыра тэҥэ) устунан биһиэхэ хаалыахтаах эбит, оттон биһиги үөрэхпитин бүтэрэн Дьокуускайга кэлэн хааллахпыт дии.
— Оччоҕо олох да Москваҕа кыбартыыралаах дьон буолуо эбиккит дии?
— Ким да үчүгэйдик быһаарбатах дьыалата эбит. Онон манна да кэлэн баран, 1987 сылга диэри Москва бырапыыскатынан олорбуппут. Куоракка бырапыыската суох буолан (Москваттан быыпыскалаабаттар), толуонунан аһаан-таҥнан олорбут кэммитигэр балачча ыарахаттары көрсүбүппүт, толуоннарбытын мэрияттан улахан уочаратынан ыларбыт. Куоракка кэлэн дьиэ түүлэһэн олорбут кэмнэрдээх этибит. Онтон тыйаатыр салалтата өйөөн, дьиэлэммиппит.
— Быйыл сайын уоппускаҕар ханна сынньанар былааннааххын?
— Дойдубар Сунтаар диэки түһүөхтээхпин. Ийэбит Мария Иннокентьевна Михайлова 36 эрэ сааһыгар 5 оҕолоох огдообо хаалбыта. Кыра кылааска сырыттахпына, аҕам Дмитрий Васильевич өлбүтэ. Ийэбит барыбытын үрдүк үөрэхтэтэлээн, 5 оҕо бары араас эйгэҕэ үлэлээн-хамсаан кэллибит. Эһээбит, ийэбит аҕата Иннокентий Гаврильевич Егоров Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сэриилэспитэ. Тыйаатырым кэлэктиибин кытары Венгрияҕа гостуруолга бара сылдьан, “эһээм манан хаампыта, сылдьыбыта буолуо” диэн таайан көрөн, Венгрияҕа элбэх сиргэ сылдьа сатаабытым, сахалыы сиэринэн алаадьы уурталаабытым. Эһээм манна сылдьан бааһыран, госпитальга сыппыт этэ.
Күндү киһибит ийэбит 93‑с хаарын уулларда. Өйө-санаата ыраас. Кинини оҕолор бары солбуһа сылдьан көрөбүт. Мин куоракка олорор киһи быһыытынан, сайын эрэ баран көрсөбүн.
— Сэргэх кэпсээниҥ иһин, махтал. Уоппускаттан күүс-уох ылан кэлэн, тыйаатыргар, саха киинэтигэр, сэрийээллэргэ араас оруолларгынан көрөөччүлэргин өссө үөрдэ тур!
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…