Туһалаах маастар-кылаас буолла
Уус Алдан улууһугар Арыылаахха «Эйгэ» сынньалаҥ киин иһинэн үлэлиир «Ырыам уонна сибэкки» ансаамбыл быйыл тэриллибитэ 35 сылын туолар.
Бу бэлиэ даатаны көрсө бэлэмнэнии үлэлэр номнуо уоттаахтык-күөстээхтик саҕаламмыттар. Онон ырыаларын-тойуктарын сэргэ, саҥа таҥас-сап тигэргэ туруммуттар. Маастар-кылаастар Бэйдиҥэҕэ уонна Арыылаахха ыытыллыбыттар.
«Өттүк симэҕин» тигиигэ маастар-кылаас ыытарга СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастар Яна Петровна Ядрееваны ыҥырбыттар. Бу туһунан Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуотун маастара Ольга Петровна Колодезникова кэпсиир:
—— Яна Петровна ыҥырыыбын ылынан, нэһилиэккэ кэлэн туһалаах үөрэҕи ыытта. Бу маастар-кылааска 15 иистэнньэҥ сырытта. Бары үөрэнэн, тигэн, өттүк симэҕэ тутуурданан үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар. Биһиги Яна Петровнаҕа инникитин да айар үлэтэ таһаарыылаах буоларыгар баҕарабыт, ыҥырыыны ылынан кэлбитигэр махтанабыт. Кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр иллээх эйэлээх олоҕу баҕарабын, — диэн этэр бу тэрээһини тэрийээччи Ольга Петровна.
«Үлэ-хамнас эрдэттэн саҕаланна»
Маастар-кылааска сылдьыбыттар санааларын үллэһиннилэр.
—Биһиги сорукпут диэн, Улуу Кыайыы 80 сылынан ыытыллар тэрээһиннэргэ бэлэмнэнэн, үлэни-хамнаһы эрдэттэн саҕалаан, ансаамбылга сценаҕа кэтэргэ анаан толору симэхтээх сахалыы таҥаһы-сабы бэлэмнээһин. Онон бэртээхэй маастар-кылааска сырыттыбыт, үөрэннибит. Салгыы баар матырыйаалтан сон быстардыбыт, дьабака бэргэһэ бэлэм быысапкаламмыт чопчуурун, бууктаах сон нэмиэтин Яна Петровна бэлэмнээн аҕалбытын көрдөрдө, хайдах тигэргэ субэлээтэ-амалаата. Ол түмүгэр бүгүҥҥү күҥҥэ ансаамбыл саҥа танастанарыгар-саптанарыгар күүстээх үлэни көрүстүбүт уонна үйэлээх таҥастанар буоллубут диэн үөрдүбүт, астынныбыт, — диэн этэр «Эйгэ» СК сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна, «Ырыам уонна сибэкки» ырыа ансаамбылы салайар Евдокия Карамзина.
«Киһи бэйэтэ тутан-хабан оҥороро, үөрэнэрэ олус үчүгэй»
Орто Эбэ анал (коррекционнай) интэринээт-оскуолатыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Анна Артамонова:
—-«Ырыам уонна сибэкки» ансаамбылга 2014 сылтан ыллыыбын, 35 сыллаах үбүлүөйбүт иитинэн уонна бэйэм оҕуруону интэриэһиргиир буоламмын, «өттүк симэҕэр» маастар-кылааска сырыттым. Киһи аттыгар олорон уу хараҕынан көрөн, бэйэтэ тутан-хабан оҥороро, үөрэнэрэ олус үчүгэй эбит. Бу иннинэ онлайн маастар-кылаастарга үөрэммитим. Хата, аны, учуутал идэлээх буоларым быһыытынан оҕолорбор үөрэтиэм диэн үөрэбин. Яна Петровнаҕа махтанабын, киниэхэ үөрэммиппиттэн олус үөрэбин, киэн туттабын.
«Усуйаанаттан кэлэн үөрэнним»
Усуйаана улууһун Тумат орто оскуолатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Марфа Ивановна Кириллова дойдутугар кэлэ сылдьар кэмигэр маастар-кылаас ыытыллыбытыттан үөрүүтэ улахан:
—Усуйаанаттан дойдубар каникул кэмигэр сынньана диэн кэлбитим. Хата, анаабыт курдук, бу наһаа туһалаах маастар-кылаас ыытылынна. Онон үөрүүм улахан. Туһалааҕынан дьарыктанар хаһан да хаалбат. Үлэлиир сирбэр тиийэммин оскуола кэлэктиибигэр, оҕолорго үөрэтиэм диэн саныыбын. Бэлэмнэниллибит оҕуруолары, киэргэллэри тиһэн, тигэн, килиэйдээн астык үлэни оҥорорбуттан дуоһуйууну ыллым. Онон дойдубар кэлиим мээнэҕэ буолбата. Маастар-кылааһы ыыппыт Яна Петровнаҕа, бу бэртээхэй, туһалаах тэрээһини көҕүлээбит, тэрийбит Ольна Петровнаҕа махталбын тиэрдэбин.
Арыылаахпар баар кэмнэрбэр «Сиэдэрэй иис» түмсүүгэ сылдьаммын харысхаллары, бөҕөхтөрү, олоҥхо куукулаларын тиксибитим, оҥорбутум. Онон маннык түмсүүлэргэ сылдьан киһи элбэххэ үөрэнэр.
Хаартыскалар: «Ырыам уонна сибэкки» ансаамбыл кэлэктиибин тиксэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: