Сэргэх тэрээһин суоттулары түмтэ

Share

Суоттуга «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) «Старые песни о главном» тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус үчүгэйдик ыытылынна. Онон нэһилиэк бэтэрээннэрэ бэркэ сэргэхсийдилэр, астыннылар.

Кэрэ куоластаах ырыаһыттар сэргэх нүөмэрдэринэн көрөөччүлэр болҕомтолорун тартылар. Сыырдаахтан кэлбит «Сайылык далбардара» түмсүү, сцена бэтэрээннэрэ Мария Федорова, Анастасия Степанова ырыалара дохсун ытыс тыаһынан арыалланна. Лена Заровняева, Ирина Осипова, Матрена Никитина, Валентина Бубякина Арассыыйа биллиилээх ырыаһыттарын, артыыстарын үкчү түһэрэн, пародиялара биһирэбили ылыан ылла.

Көмүс сыбаайбаларын 2024 сылга бэлиэтээбит ытык-мааны ыалларбытыгар анаммыт түһүмэххэ Матрена уонна Иван Сокольниковтар, Варвара, Иннокентий Стрекаловскайдар, Октябрина, Егор Донскойдар бастаан билсибит, ыал буолбут түгэннэрин, дьиэ кэргэҥҥэ дьоллоох олоҕу тутуу кистэлэҥин кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр.

Салгыы «Илгэ» фольклор бөлөҕө, «Суотту далбардара» түмсүү кыттыыны ыллылар, дьоро киэһээни ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Саҥа дьыллааҕы бастыҥ маскарааты көрүү, талыы куонкуруһугар Дьоруой Ийэ Розалия Охлопкова кыайыылааҕынан таҕыста. Кэрэхсэбили ылбыт  мааскалар бириистэринэн бэлиэтэннилэр.
Урукку моданы көрдөрүүгэ эмиэ бэртээхэй күрэс ыытылынна. Сэбиэскэй кэмнээҕи харыйа оонньуурдарын, урукку аккырыыккалар, хаартыскалар быыстапкалара дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар.

Бу сыллата ыытыллар үөрүүлээх тэрээһини Суотту нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык э.т. Ксенофонтов С.С.), нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Свинобоева Е И., социальнай харалта үлэһиттэрэ Тарасова Т.И., Прудецкая М.В., култуура, бибилэтиэкэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ тэрийдилэр, ыыттылар.

Раиса Черкашина,

Суотту, Уус Алдан.

Е.Свинобоева, В.Бубякина хаартыскаларга түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago