Тиэхиньикэни тиэрдии былаана толорулунна
Саха сирэ «Патриотическай» ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо.
Ол курдук, байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар «Якт-Сокол» квадроцикллар уонна «Тимир Ат» электроматасыыкыллар улахан баартыйанан тиэрдилиннилэр. Бу туһунан СӨ гражданскай көмүскэлин уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы министиирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
Кини ДНӨ командировка түмүгүн, тирэх пууннарга сырыыны, байыастары, Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин командирдарын кытары көрсүһүүнү кэпсээтэ.
«Тиэхиньикэҕэ эбии наадыйаллара, байыаннай чаастары кытта Саха сирэ хардарыта сибээстээх үлэтэ быһаарылынна. Тирэх пууннарга үлэ тиһиктээхтик салҕанар. Өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэллэрэ тохтоло суох үлэлииллэр. Саҥа дьыл күннэригэр тохтоло суох үлэлээн байыастарга бэлэхтэри тиэртилэр», — диэн этэр кини.
Саха сириттэн тиэхиньикэни, гуманитарнай көмөнү, аадырыстаах баһыылкалары тирэх пууннарга тиэрдии салҕанар.
«Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ биэрбит алта УАЗ массыыналарын тиэйбит икки көлө айаннаата. Массыыналарга аадырыстаах баһыылкалар, гуманитарнай көмөлөр бааллар. Суһал ыстаап байыастары наадалаах тэрилинэн эбии хааччыйыыга үлэтэ салҕанар«, — диэтэ Дмитрий Лепчиков.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: