Нам улууһун Тумулугар саҥа оскуола аһылынна

Share

Нам улууһун Тумулугар тохсунньу 22 күнүгэр саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэрдилэр.

Оскуола үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. Эбийиэк 1971 сыллаахха арыллыбыт уонна 2022 с. көтүрүллүбүт эргэ дьиэ оннугар тутулунна. Кэнники икки сыл устата оҕолор үс араас эбийиэгинэн үөрэммиттэр. Оҕолору уонна педагогическай кэлэктииби эҕэрдэлээн туран, Айсен Николаев  пилота суох авиационнай систиэмэ кылааһыгар босхо саҥа оборудованиены ыларга  сэртипикээт туттарда.

«Бу — күүтүүлээх эбийиэк. Саҥа дьиэҕэ оҕолор бэйэлэрин кыахтарын арыйан, билиилэрин үксэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Оҕолору үөрэх ситимигэр талааннарын арыйахтара диэн учууталларга эмиэ итэҕэйэбин. Кинилэр инникитин төрөөбүт улуустарын уонна Саха сирин аатырдар-сураҕырар дьону иитэн таһаарыахтара диэн эрэнэбин», — диэтэ Ил Дархан эҕэрдэ тылыгар.

Саҥа икки этээстээх дьиэ уопсай иэнэ2,6 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ. Оскуола 150 үөрэх миэстэтигэр суоттаммыт. Аныгы үөрэх оборудованиетынан барытынан хааччылынна: манна үөрэх кабинеттара, көмпүүтэр кылаастара, актовай саала, бибилэтиэкэ уонна остолобуой  бааллар.

«Оскуолабытыгар бу  күүтүүлээх түгэн. Билигин үөрэх бырагыраамаларын өссө үрдүк таһымҥа олоххо киллэрэр кыахтанныбыт», — диэтэ оскуола дириэктэрэ Иван Тихонов. Оскуола СӨ инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн тутуллубут уонна судаарыстыба баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак сыалларыгар эппиэттиир. Тутууну олохтоох «Намстрой» хампаанньа тэрийэн ыытта.

Саҥа оскуолабытын олус сөбүлээтибит. Манна барыта аныгы уонна тупсаҕай оҥоһуулаах. Үөрэх быдан табыгастаах буолуо дии саныыбын», — диэн 11 кылаас үөрэнээччитэ Петр Осипов санаатын  кытта үллэһиннэ. Оскуола агротехнологическай хайысханан анал үөрэҕи тэрийэн ыытар. Манна сүөһү иитиитигэр, оҕуруот аһын үүннэриигэ, тырааныспар  уонна тыраахтыр ыытарга элективнай куурустар тэриллибиттэр. Дуальнай үөрэхтээһин төрөппүттэр сайабылыанньаларынан ыытыллар. Бырагыырама чэрчитинэн үөрэнэр оҕолор «Швея 2 разряда», «Столяр 2 разряда», «Овощевод», «Оператор ЭВМ 2 разряда», «Электромонтажник по освещению и осветительным сетям» идэлэри баһылыахтарын сөп. Хас биирдии выпускникка профессиональнай үөрэхтээһин туһунан туоһу сибидиэтэлистибэ туттарыллар.

Санатан эттэххэ, 2018 сылтан Саха сиригэр 171 саҥа үөрэх тэрилтэтэ, 75 оскуола дьиэтэ уонна 81 оҕо уһуйаана тутулунна. 2025 сылга өссө 13 оскуола үлэҕэ киирэрэ былааннанар, диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кыһалҕаны билбит сэрии сылларын оҕолоро байыаннай дьайыыга көмөлөһөллөр

Бүгүн Элбэх туһалаах сүбэ-ама баара, байыаннайдар төрөппүттэрин ыйытыыларыгар барытыгар хоруйдаатылар. Тустууктар ийэлэригэр, аймахтарыгар санааларын түһэрбэккэ,…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх

Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 16 сүөһү, сылгы иититинэн дьарыгырар потребительскай…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бу бээтинсэҕэ — «Коркин. Андаҕар» испэктээк

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын испэктээктэрин эккирэтэ сылдьан барыларын кэриэтэ олус сөбүлээн көрөбүт. Биир…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ оҕолору тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө үөрэтэллэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с…

51 минута ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Дьокуускай куораттааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйата Кыайыы иһин бэйэтин көмөтүн киллэрэр

«ДоброVольцы» волонтердар хамсааһыннарын көрдөһүүтүнэн, Дьокуускай куорат территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын үлэһиттэрэ (бэрэссэдээтэл С.Б. Алексеева)  матырыйаал атыылаһан,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мохсоҕоллоох оскуолатыгар 450 миэстэлээх саҥа куорпус аһылынна

Тохсунньу 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Мохсоҕоллоох оскуолатын саҥа куорпуһун үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. 450 миэстэлээх…

1 час ago