Бырабыыталыстыба отчуота дьон-сэргэ этинэригэр кыах биэрэр
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо ыытар наадалааҕын быһаарда.
«Мин олохтоохтортон, ордук ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннартан, элбэх этии киирэрин истээччибин уонна хомуйарым. Үгүс дьоҥҥо бырабыыталыстыба отчуота салайааччыларга туһаайан тус кыһалҕаларын этинэргэ кыаҕы биэрэр. Бу эмиэ дьоҥҥо олус наадалаах», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини билиҥҥи үйэҕэ сүдү сүүрээн иһитиннэриилэр тарҕаналларын быыһыгар дьон-сэргэ үксэ Саха сиригэр чопчу туох үлэ бара турарын билбэккэ хаалыахтарын сөп диэн бэлиэтээтэ. Баһылык итини сэргэ маннык тэрээһин ньымата Бырабыыталыстыба чилиэттэригэр эмиэ туһалааҕын быһаарда.
«Бырабыыталыстыба чилиэттэригэр бу эмиэ олус наадалаах, тоҕо диэтэххэ, дьону-сэргэни истэргэ үөрэтэр», — диир кини. Түмүккэ Ил Дархан хас биирдии киирбит этии Бырабыыталыстыба үлэтигэр учуоттанарын бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: