Дьокуускайдааҕы «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Share

Дьокуускай куорат 19-c №-дээх «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам тымныытыгар үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго уһуйаан «Геолог» диэн ааттааҕа. Тоҕо диэтэххэ, геологоразведочнай структураҕа киирсэрэ.  Уһуйаан бастакы сэбиэдиссэйинэн Ида Сергеевна Ляпунова этэ.

"Василек"уһуйаан тус архыыбыттан

1992 сыллаахха уһуйаан Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетыгар бэриллибитэ. Ол сыллартан уһуйаан оҕону иитиигэ үгүс элбэх үлэни-хамнаһы, элбэх көлүөнэни үүннэрэн таһаарда. 2010 сыллаахха уһуйаа оҕо сайдыытын киинин аатын ылбыта уонна оҕону иитиигэ куорат биир экспериментальнай былаһааккатынан  буолбута. Бу уһуйааҥҥа иитээччи буолуон бааҕалаах устудьуон оҕолор быраактыкаларын ааһаллар. Уопуттаах иитээччилэр кынаттарын аннынан үгүс оҕо үөрэх кыһатын бүтэрэн үлэлии барбыттара.

Ааспыт сылтан уһуйааны Евгения Леонидовна Духанина диэн эдэр үлэһит салайар. Билигин уһуйааҥҥа 1.5-7 cаастарыгар диэри 250 кэриҥэ оҕо сылдьар. Уһуйаан аҕыс бөлөххө арахсан үлэлиир. Уһуйааҥҥа оҕолорго сахалыы бөлөх баар. Төрүт итэҕэли үөрэтиигэ туһуланар. Уһуйаан оҕолоро куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар бары куонкурустарга көхтөөхтүк кытталлар.

Билигин кэллэктиип 56 үлэһиттээх. Балар истэригэр Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэһи бүтэрбит эдэр иитээччилэр бааллар уонна 30 тахса сыл үлэлээбит уопуттаах үлэһиттэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

Константин Роббек, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай: -- Ил Дархан туһаайан этиитин…

4 минуты ago
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэнтэн биэс оҕолоох ийэ ыйытар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр Сургуттан биэс оҕолоох ийэ, биир оҕото инбэлиитин, былырыын…

6 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Дойдуга эккэ наадыйыы икки төгүл улаатта»

Дойдуга хамнас төһө да үрдээтэр, сыананы сиппэтин туһунан Арассыыйа олохтоохторо суруйаллар. Ол иһин, сыана үрдүүрүн…

25 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Краснодарга экология иэдээнэ тохтотуллуоҕа»

Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин кэмигэр Краснодарскай кыраай олохтоохторо балаһыанньаны видеонан устан ыытан, ыйытыы биэрдилэр. Соторутааҕыта…

52 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Владимир Путин: “Барыта 21 тыһ. эбийиэги чөлүгэр түһэрдибит”

Байыаннай дьайыы буолан ааспыт, буола турар миэстэлэрин олохтоохторун чөлүгэр түһэрии боппуруоһа долгутара биллэр. Маныаха сыһыаннаах…

59 минут ago
  • Сонуннар

Екатерина Ноговицына: «Арктика улуустарыгар дьоҕус модульнай кулууптар тутуллуохтарын наада»

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин үгүс киһи олус болҕомтолоохтук истэр, ылынар. Дьааҥы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин…

1 час ago