19 саастаах уол массыынаны тааһынан тамнааттаабыт

19 саастаах уол массыынаны тааһынан тамнааттаабыт

Ааптар:
02.10.2024, 14:25
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Мииринэй оройуоннааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар массыынатын уонна кыыһын төлөпүөнүн алдьаппыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу уопсай суумата 27 тыһ. солк. тэҥнэстэ диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Суһал-ирдиир тэрээһиннэр ыытылланнар холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 19 саастаах олохтоох киһи уорбаланарын быһаардылар.

Ийэ дьиэтигэр суоҕуна кыыһыгар билэр уола кэлэ сылдьыбыт. Эдэр дьон этиспиттэр, онуоха уол кыыс төлөпүөнүн былдьаан ылан сиргэ бырахпыт. Онтон онно сөп буолбакка, салгыы уол таһырдьа тахсан тэлгэһэҕэ турар массыына кэлин өстүөкүлэтин уонна багажнигын тааһынан тамнааттаабыт уонна саспыт.

«Атын дьон малын соруйан алдьатыы» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
8
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: