Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин, кинилэргэ туох умнуллубаты аҕалбытын ахтан-санаан ылаллар уонна үүнүөхтээх сылларын торумнаан көрөллөр.
1977 сыллаахха төрөөбүт, өрөспүүбүлүкэ араас улууһугар олорор дьон Моҕой туһунан туох санаалаах эбиттэрий?
Урукку Моҕой сылларыттан тугу ордук өйдөөн хаалбыккыный?
Оҕо саас уонна билиҥҥи саас Саҥа дьылларын уратылара?
Саҥа Дьыл бырааһынньыгар оҕо буолан ылартан төһө үөрэҕин?
Маскарааттааччыгын дуо?
Гороскоптарга, билгэлэргэ төһө итэҕэйэҕин?
Моҕойу хайдах кыыл дии саныыгын?
Кэлэр сылтан тугу күүтэҕин?
Евдокия Винокурова, “Сахатранснефтегаз” үлэһитэ:
— Урукку Моҕой сылларыгар соһуччу, үчүгэй элбэх уларыйыы баара.
— Оҕо сааспар Саҥа дьылы күүтэрим курдук, билигин да аптаах бырааһынньыгы оҕолуу кэтэһэбин.
-Корпоративтарга, араас көхтөөх тэрээһиннэргэ, маскараат буолбуттаахпын.
-Гороскуобу, билгэлээһини интэриэһиргиибин, итэҕэйэбин, ол эрээри көрөн ылынабын.
-Моҕойу түргэн, мындыр, киирэр-тахсар диэн бэйэбэр холуу көрөбүн…
-Бэйэм төрөөбүт Моҕой сылын, ханнык да сыллардааҕар үөрэн-көтөн, долгуйан туран көрсөн эрэбин. Бу кэлэр сылга олус элбэх баҕа санаам, чуолаан үлэбэр, тус олохпор, туолуохтаах диэн күүтэбин, эрэнэбин.
Афанасий Семенов, Бүлүү улууһа:
— Бу диэн өйдөөбөппүн. Арай биирдэ, кулуупка моҕойдор күрэхтэригэр кыттыбыппын өйдүүбүн.
— Тымныы Оҕонньору итэҕэйэр эрдэххэ, үчүгэй бөҕө этэ. Билигин буолуохтаах буолуохтааҕын курдук.
— Оҕо буолан ылартан үөрбэт киһи суоҕа буолуо…
— 3-с кылааска Карабас буола сырыттахпына, бытыкпын үктээн иһэллэриттэн кыыһырбыппын өйдүүбүн.
-Гороскобу суруйааччы элбэҕэ бэрт быһыылаах, аны бары араастар. Онон ааҕабын эрэ, улахан болҕомтоҕо ылбаппын.
— Моҕойдор тастарыттан отомноохтор, истэригэр үөннэрэ элбэх буолар…
— Сэрии бүтэ охсоро буоллар. Тус бэйэм баҕа санаам баһаам буоллаҕа…
Юнона Васильева, Амма улууһа:
-Урукку Моҕой сылларыгар куруук ситиһии, табыллыы арыаллааччы, моҕой саҥаттан төрөөн тахсарын курдук, саҥа саҕахтар арыллааччылар.
-Оҕо саас Саҥа дьыла салгынныын ураты буолар этэ. Сэбиэскэй кэм оҕолоро буоламмыт уонна, баҕар, күлүмүрдэспит, араас өҥмүт олохпутугар тиийбэтиттэн буолуо — наһаа да кэтэһиилээх бырааһынньык этэ. Билигин Саҥа дьыллааҕы санааны аҕала сатаан, араас киэргэл оҥорон, атыылаһан көрөбүт да, оҕо сааска курдук омуннаах үөрүү суоҕун кэриэтэ.
— Оҕо буолан ылар курдук дьол суох буоллаҕа.
— Уһуйааҥҥа үлэлиир буоламмын, сыл аайы араас маскараат буолабын. Быйыл утренникка фокусница буолаары сылдьабын.
-Гороскоптары итэҕэйэр дьону бырагыраамалааһын курдук ылынабын, ол иһин үчүгэй эрэ суруллубут буоллаҕына сэҥээрээбин.
— Моҕой тас көстүүтэ уу нуһараҥ курдук да буоллар, ис өттүгэр кутаа уот умайар. Өйдөөх, аҕыйах саҥалаах, мындыр, хайа баҕар эйгэҕэ талааннаах дии саныыбын.
— Кэлэр Моҕой сылыгар дьиэ кэргэммэр эбиллиини, үлэбэр саҥа дуоһунаска тахсыыны, тас дойдуларга айаны уонна аан дойду балаһыанньатыгар ил-эйэ буоларын күүтэбин.
Марианна Валериевна Стручкова, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэй нэһилиэгин 4-с нүөмэрдээх «Сардаана» уһуйаан сэбиэдиссэйэ
— 2001 сыллаахха иккис уолум күн сирин көрбүтэ.
-Оҕо сырыттахха барыта олус күүтүүлээх буолара. Аҕабыт тыыннаах харыйа аҕалан ону дьиэҕэ киллэрэн ириэрэр этибит. Ол тула сүүрүү-көтүү, бары дьиэнэн харыйа симээһинэ. Курдары көстөр шар-елка оонньуура баар этэ, иһигэр кыһыл көмүс балыктааҕа. Сырыы аайы ол балыкка баҕа санаабын этэрбин өйдүүбүн. Сопхуос үлэһиттэрин оҕолоругар дьиэбитигэр Тымныы Оҕонньор бэлэхтэри түҥэтэ дьиэбитигэр сыарҕалаах атынан кэлээччи. Уһуйааҥҥа аҕам Тымныы Оҕонньор буолбутун билэн баран, итэҕэйбэт буолбутум. Оттон билиҥҥи сааспар Саҥа дьыл эмиэ туһунан күүтүүлээх. Бэйэтэ туох эрэ туспа кистэлэҥнээх, киһи син биир сэмээр долгуйа күүтэр…
— Хас биирдии киһи ис санаатыгар кырачаан оҕо. Кыраттан да оҕолуу үөрэҕин, хомойоруҥ да чугас. Дойдубар бардахпына, ийэлээх-аҕабар оҕо буолан ылабын. Сарсыарда утуйан турарбар кэлэн сыллаан уһугуннараллара – дьол.
-Кырачааннары иитиигэ үлэлиирбит быһыытынан, маскараат Саҥа дьылга эрэ буолбакка, мэлдьи аттыбытыгар баар. Оруолларга да тиксэр түгэн көстөөччү.
— Түүлгэ итэҕэйэбин, түүлбүнэн салайтарабын диэтэхпинэ сыыспаппын. Билгэ өттүгэр сэрэхэдийэбин, инникибин билэ сатаабаппын, дьон быһа саҥарыа диэн дьаарханабын. Гороскоп дьэ, сороҕор уот харахха этэр курдук, сороҕор баҕас тыл оонньуута курдук. Ол эрээри, сахалыы гороскобу аахпакка, көрбөккө эрэ ороммуттан турбаппын, күнүм гороскоптан саҕаланар.
-Уоскулаҥ, кыраҕа ымыттыбат, тулуурдаах, дьулуурдаах, сытыы тыллаах уонна киһи сөҕөрө соһуччу өһүргэс. Ол эрэн, ис санаата эйэҕэс, дьээбэлээх, мэник-тэник.
— Дойдубутугар ил-эйэ олохсуйан, нус-хас олоҕу күүтэбин. Баҕа санаалар элбэхтэр, олортон биирэ эмэ туоларын күүтэбин.
Сэмэн, Үөһээ Бүлүү:
-Бэйэм хаарынан Моҕой онорооччубун, оҥорорго судургу буолааччы.
— Оҕо эрдэххэ, остуоруйа бириэмэтэ кэлбитин курдук буолара. Билигин, хомойуох иһин, олох кэтэспэт бырааһынньыгым. Тохсунньуттан сыана туохха барытыгар ыарыыр, олохпут ону кытта ыараан, уустугуран иһэр…
-Биир саастыылаахтар муһуннахха эбэтэр бииргэ улааппыт бырааттарбын кытта бииргэ буолар түгэҥҥэ оҕо сааһы ахтар-саныыр, кыратык оҕо буолан ылар үчүгэй бөҕө буоллаҕа-аа.
— Оҕо сылдьан мааскаларбын үксүн бэйэм оҥорооччубун.
— Үчүгэйин эрэ талан итэҕэйэ сатыыбын.
— Мындыр өйдөөх, үтүө санаалаах.
-Элбэх баҕа санаам туоларыгар эрэнэбин.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…