1990-с сыллар суоппардара

Share

Силлиэни-буурҕаны, хаары-самыыры, тибиини-бадарааны аахсыбакка, ыраах диэн саллыбакка, утуйар ууларын умнан туран, доруобуйаларын харыстаммакка, бириэмэлэрин аахсыбакка инньэ Золотинкаттан, Дьокуускайтан, Усть-Куттан, Новосибирскайтан сопхуоска, нэһилиэнньэҕэ наадалаах араас таһаҕаһы, оту, бурдугу, чоҕу-уматыгы, тимири-туһаҕы, о.д.а. нэһилиэнньэҕэ наадалаах тыһыынчанан туонна таһаҕаһы таспыт ааспыт үйэ 90-с сылларыгар «Тойбохой» сопхуос Киин автопаркатыгар араас мааркалаах массыыналарга үлэлээн ааспыт суоппардары Тырааныспар үлэһиттэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.

Оччолорго ыраах айан суоппардарынан Егор Контогоров, Револий Данилов, Александр Бессонов, Валерий Борисов, бырааттыы Семен уонна Константин Васильевтар, Виталий Амонов, Уһун Күөлтэн Александр Павлов, Иннокентий Ефремов үлэлииллэр этэ. Кинилэр уһуйууларынан эдэр суоппардар Сергей Иванов, Анатолий Семенов, Олег Иванов, Василий Сыромятников, Станислав Гаврильев, Андрей Алексеев, Уһун Күөлтэн Иван Наумов, Аллыҥаттан Андрей Никифоров айаҥҥа-сырыыга буһан-хатан тахсыбыттара.

Ойууртан тутуу маһын таһыыга лесовоз суоппардарынан Гаврил Николаев, Петр Федотов, Нестер Лобашев, Михаил Николаев, Александр Михайлов үлэлээбиттэрэ.

Уматыгы таһар массыынаҕа Иван Пахомов Сунтаартан, Кыһыл Сыыртан уматык, конденсат таһыытыгар харса суох сүүрбүтэ, Газ-53 бензовоһунан Сунтаартан Александр Софронов таһара.

Заправщигынан Николай Иванович Софронов үлэлиирэ. Ыксаллаах сорудахха барар суоппар дуу,  тырахтарыыс дуу  тиийдэҕинэ түүн-күнүс диэн аахсыбакка,  заправкалыы охсон абыраталыыр этэ.

Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ

Нэһилиэнньэни уонна социальнай эбийиэктэри уунан хааччыйарга уу баһар массыынаҕа Петр Саввинов, Владимир Федоров сүүрэллэрэ.

Сопхуос ис хаһаайыстыбаннай наадатыгар Тимур Жирков, Григорий Семенов, Алексей Васильев үлэлииллэрэ.

Дириэктэр суоппарынан Сергей Федоров, бэтэринээринэй көмө массыынатыгар Александр Павлов, оптуобуска Виктор Данилов,  кини бочуоттаах сынньалаҥҥа барбытын кэннэ Уһун Күөлтэн киирэн Николай Чириков, КАВЗ мааркалаах оптуобуска Николай Сидоров сыһыарыллыбыттара. Кинилэр үлэһиттэри мунньахтарга, спортсменнары күрэхтэһиилэргэ, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын гостуруолларга оройуон иһинэн, Мииринэйинэн бириэмэлэрин аахсыбакка сырытыннартыыллара…


Баһаарынай массыынаҕа суукканан Геннадий Васильев, Владимир Петров, Анатолий Николаев дьуһуурустубаҕа олороллоро.

Массыына тиэхиньиичэскэй туругар инженер-мэхээнньик үрдүк үөрэхтээх Николай Петрович Ляшеев, ПТО автосилиэсэрдэринэн уоттаах сэрии бэтэрээнэ, Тойбохой нэһилиэгэр аан бастакынан массыына уруулун туппут бастакы суоппар Прокопий Данилович Иванов, Револий Николаев кыһаллан туран үлэлииллэрэ. Гараас, ПТО ис туруга бэрээдэктээх, ыраас буоларын туһугар Лука Иванов түбүгүрэрэ.


Хаһаайыстыбаннай чаас дириэктэринэн Степан Степанович Сылгытов, коменданынан Федор Борисович Тыртыков үлэлээн ааспыттара.
Кинилэри таһынан сопхуос Тойбохойдооҕу отделениетыгар хаһаайыстыбаннай, уу, үүт таһар массыыналарга Александр Сергеев, Евгений уонна Яков Тотоновтар, Борис Афанасьев, Сергей Николаев үлэлээн ааспыттара.

Кэнники биһиги үлэлиир кэммитигэр модун кыахтаах Краз-256, МАЗ-5549 курдук кыахтаах самосваллары, МАЗ мааркалаах бензовоз полуприцебы Мииринэйтэн АЛРОСА нөҥүө ылаттаабыппыт.
Ону таһынан Миас куоракка баран 3 УРАЛ-5557 самосвалы таһынан Урал-4420 полуприцебы аҕалтаабыппыт.

 Аны санаатахха, тыа сиригэр бачча элбэх араас мааркалаах массыыналары сэргэ, МТЗ, ДТ-75, Т-150, К-701, Т-16 мааркалаах тыраахтардар, СКД-6 “Сибиряк” бурдук хомуйар комбайннар, СК-100 сиилэс комбайннарын араастара, ону таһынан ити тыраахтардарга соһуллар сири таҥастыыр, оту-бурдугу хомуйар соһуллар тиэхиньикэ арааһа тыа сиригэр, ол иһигэр биһиги Тойбохойбутугар, оҥорон таһаарыы сайдарын туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыттара.

Ол саҕанааҕы суолга-иискэ массыыналар Дьокуускайга диэри биир өттүгэр 2-3 суукка  айанныыллара, Золотинкаттан олох даҕаны ый аҥаарыттан ордугунан эргийэн кэлэллэрэ. Дьокуускай Золотинка диэки барааччылар мантан хайаан да хаарбах тимир, сүөһү тириитин  тиэйэн бараллара, кураанах сырыы оҥоһуллубата, хамнастара туонна-килэмиэтиринэн  төлөнөр буолан  ол сырсыыта этэ.
Манна үлэлии сылдьан араас быһылааһыннарга түбэспит түгэннэрбитин кэнники таһаарыыларбытыгар ахтан-санаан ааһыахпыт…

Валерий ИЛЛАРИОНОВ, 1990-с сылларга «Тойбохой» сопхуос Киин автопаркатын гарааһын сэбиэдиссэйэ

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

39 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago