2 №-дээх куорат балыыһатын поликлиниката 2025 сыл бэс ыйыгар киирэрэ былааннанар
Ил Дархан Айсен Николаев куорат Гагариннааҕы уокуругар тутулла турар симиэнэҕэ 600 киһини көрүөхтээх 2 №-дээх куорат балыыһатын поликлиникатын бэрэбиэркэлээтэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
“Киин куорат бу оройуонугар доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ суоҕун кэриэтэ, дьоннор кыһалҕаттан ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тутуллубут дьиэлэргэ көрдөрүнэргэ күһэллэллэр, — диэтэ Айсен Николаев. – Бу поликлиника уокурукка баар 5 мэдиссиинискэй эбийиэги холбуоҕа. 9 тыһ кв.м. иэннээх, аныгы тиэхиньикэнэн сэбилэммит бастакы звено саамай улахан эбийиэгэ буолар”.
Саҥа дьиэҕэ атын-атын ааннардаах үс подразделение баар буолуоҕа: симиэнэҕэ 300 киһи сылдьар улахан дьон поликлиниката, симиэнэҕэ 180 оҕону көрөр оҕо поликлиниката, 120 киһи сылдьар дьахтар консультацията, диагностическай уонна терапевтическай отделениелар, клинико-диагностическай лаборатория, лучевой диагностика отделениета, чөлгө түһэрэр эмтээһин, суһал көмө кабинета, күнүскү стационар уонна бэйэлэрин call-кииннэрэ.
Тутуу “ВИС” группаны кытта судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн ыытыллар. Медико-тиэхиньиичэскэй сорудаҕын оҥорууга кылаабынай быраас уонна поликлиника исписэлиистэрэ көхтөөх кыттыыны ылбыттар.
“Сүрүн сорукпут квалифицированнай мэдиссиинискэй каадырынан хааччыллыы буолар, — диэтэ Айсен Николаев. – Кинилэри бэлэмниири түргэтэтиэххэ наада. Бүгүн Саха сиригэр саҥа балыыһалар, поликлиникалар, ФАП-тар, амбулаториялар тутуллаллар. Балар бары квалифицированнай мэдиссиинискэй исписэлиистэринэн хааччыллыахтаахтар”.
Эбийиэк тутуутун бэлэмэ 25%. Күн бүгүн манна 93 тутааччы уонна 5 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Ил Дархан эбийиэги эһиил бэс ыйыгар киллэрэргэ сорудахтаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: