2 тыһыынча кэриҥэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын оҕото уһуйаан төлөбүрүттэн босхолонно

Share

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллар чэрчилэринэн 1987 төрөппүт оҕо уһуйаанын иһин төлөбүртэн босхолонно.

Бу туһунан уопсай үөрэхтээһин, иитии уонна эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччыта Надежда Захарова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Оскуолаларга 2315 кэриҥэ оҕо сылаас аһылыгынан хааччыллан турар. Оҕолор сынньалаҥнарын уонна кинилэр доруобуйаларын тупсарыыга, санаторийга уонна куруорка эмтээһини тэрийиигэ 2167 путевка туһанылынна.

95 дьиэ кэргэн оҕото оскуолаҕа уһатыллыбыт күннээҕи бөлөхтөргө киллэрэр бырааптарын туһанан, сүрүн уруок кэнниттэн оҕолор араас көрүҥнээх эбии үөрэхтээһининэн дьарыкка сылдьар кыахтаннылар.

Уопсайа үөрэхтээһин систиэмэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин социальнай өттүнэн өйүүр 11 дьаһал көрүллэн турара. Олор Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын 2023 сыл алтынньы 23 күнүнээҕи 80 №-дээх Ыйааҕынан бигэргэтиллибиттэрэ.

Ол иһигэр дьиэ кэргэн олорор сириттэн чугас үөрэх тэрилтэлэригэр оҕону көһөрөр быраап, оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэригэр күнүстэри-түүннэри үлэлиир бөлөхтөргө бастакынан киирии, үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар сылаас аһынан хааччыйыыга истипиэндьийэ, оҕолор сынньалаҥнарын тэрийиигэ уонна кинилэр доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ, санаторнай-курортнай эмтээһиҥҥэ путевкалары биэрии уонна да атын дьаһаллар бааллар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

55 минут ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

2 часа ago